Саха сиринээҕи плейстоценовай пааркаҕа овцебыктары тириэрдиэхтэрэ. Кыыллар билигин Лаптевтар муораларын соҕуруулуу-арҕаа чааһыгар арыыга бааллар, суруйар ТАСС.
«Улахана суох шхуна оҥордубут уонна Таймыыр таһыгар Большой Бегичевка диэри айанныыбыт. Овцебыктары тутуохпут. Арыыга 500 төбө баар, ити эрээри табаны иитэр буоланнар, мэччирэҥ суох», — «Плейстоценовый парк» заповедник дириэктэрэ Никита Зимов.
Плейстоценовай паарка Аллара Халыма оройуонугар баар, Арктика зонатыгар. Манна эксперимент ыытыллар.
Пааркаҕа тоҕус көрүҥ отунан аһыыр кыыл баар: хотугу таба, саха ата, тайах, истиэп бизона, зубр, овцебык, як, калмыцкай сүөһү уонна хой. Үлэһиттэр саҥа көрүҥнэр адаптацияланалларыгар эксперименнэри ыыталлар. Быйыл пааркаҕа 15 верблюд аҕаллылар, онон ахсааннара 22 буолла.