15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Оту соҕотуопкалыыр мобильнай биригээдэлэргэ 80 мөл солкуобай суумалаах эбии төлөбүр ыытыллыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр күн- дьыл усулуобуйата табыгаһа суох буолан, оттооһун тыҥааһыннаах соҕустук ааһан эрэр. Мобильнай биригээдэлэр балаҕан ыйыгар үлэлиэхтэрэ. Кинилэргэ 80 мөл. солк. эбии төлөбүр ыытыахтара,  диэтэ регион баһылыга Айсен Николаев.

«Билиҥҥи сүрүн кыһалҕабыт диэн от былааннаммыт ахсааныттан 65% эрэ бэлэмнэннэ. Саамай уустук быһыы-майгы ардах уутуттан эмсэҕэлээбит Дьааҥы оройуонугар үөскээбит. Эмсэҕэлээбиттэргэ 55 тыһыынча туонна оту бэлэмниир мобильнай биригээдэлэр тэриллэллэр. Мобильнай биригээдэлэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 80 мөл. солк. эбии төлөбүрдэргэ көрүллүөҕэ», — диэтэ Саха сирин баһылыга.

Николаев от бэлэмнээһин үлэтэ балаҕан ыйыгар эмиэ ыытылларын бэлиэтээтэ. «Атырдьах ыйынааҕы ардахтар кэккэ оройуоннарга быһыыны-майгыны мөлтөттүлэр. Сылыктааһын быһыытынан күһүммүт уһуох курдук, балаҕан ыйыгар сүөһү кыстыгын муҥутуурдук хааччыйар туһугар салгыы үлэлиэхпит», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА