Оттооһун хаамыытыгар, атырдьах ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, бу нэдиэлэ саҥатынааҕы түмүгү кытта тэҥниир буоллахха, уһулуччу хамсааһын тахсыбата. Ол элбэх бытархай уонна биирдиилээн улахан хаһаайыстыбалар оттоон бүппүттэринэн итиэннэ сорох сиргэ ардах түһэн харгыстаабытынан быһаарыахха сөп. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оттооһун былаанын толоруу 83 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Отугар таһаардахха, 385 398 туонна кэбиһии.
Ити эрээри, бу сырыыга 90 бырыһыаннаах кирбиини аһарбыт улуус ахсаана эбиллибитин бэлиэтиибит. Ол курдук, ааспыкка Нам, Куорунай, Уус Алдан улуустара куоһарбыт буоллахтарына, бу нэдиэлэ ортотугар Ньурба 95,47, Өлүөхүмэ 94,92, Хаҥалас 90,06 бырыһыаннарын толордулар. Өссө ньурбалар былааны толоруу бырыһыанынан Нам (95,99%) кэнниттэн иккискэ, оттон өлүөхүмэлэр куорунайдары (94,50%) үтүрүйэн, үһүскэ ойон таҕыстылар.
Хотугу улуустартан Үөһээ Халыма ордук үчүгэйдик иһэр, отчуоттанар кэмҥэ 583 туонна кэбиһиилэнэн, былааннаммыт кээмэйтэн 89 бырыһыанын ылла. Бу улуус отчуттарын сайыны быһа элбэх сиргэ ойуур уота тэнийэн, моһуоктуу сырытта. Кэлин уоттара намыраан, былааннарын таһынан оттуурдуу үлэлииллэр. Бу күҥҥэ саамай мөлтөхтөр Аллайыаха 21,54, Усуйаана 21,94, Эбээн Бытантай 23,51, Мииринэй 23,68 бырыһыан кыстыыр отторун булуннулар.
Мобильнай биригээдэлэр отчуттара 10 540 туонна кэбиһиилэннилэр. Барыта 10 улууска 128 звено үлэлии сылдьар. Бүлүү улууһун 20 биригээдэтэ 2 503 туонна оту туруоран, Амма мобильнайдарын (2 488 т) аһара түстүлэр. Куорунай улууһа саамай элбэх биригээдэни, барыта 55, тэринэн, 1 915 туонна кэбиһиилэннэ. Билиҥҥитэ таатталар 1 350, чурапчылар 1 340,9 туонналыы оттонон, эгил-тэгил иһэллэр. Санаттахха, мобильнай биригээдэлэр былааннара – 15 991 туонна от. Онон, үстэн иккитин бэлэмнээтилэр.
Бу күҥҥэ сиилэс 23,61 бырыһыана угулунна, сенажка 12 996 туонна күөх маасса сууланыахтааҕыттан 1 468 туонната оҥоһулунна. Сиилэскэ былааннарын Амма 65,79, Хаҥалас 60 %-ныытын бэлэмнээтилэр. Атыттар муҥутаан 30-туу %-наахтар. Сенаж былаанын билиҥҥи туругунан Мэҥэ Хаҥалас (250 т), Дьокуускай (200 т), Үөһээ Дьааҥы (120 т) хаһаайыстыбалара толордулар. Чурапчы улууһа сиилэскэ 1 900 т, сенажка 900 т былааннаах эрээри, толоруутун туһунан сибидиэнньэ биэрэ илик.
Хаартыскаларга: Үөһээ Халымаҕа улуус тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ субуотунньуктаан, Ларионовтар дьиэ кэргэттэригэр от кэбиһиитигэр көмөлөстүлэр.
Василий Никифоров, Ulus media