От ыйын 4 күнүнээҕи Бикипиэдьийэ халандаарыгар оҕус сулус бөлөҕүн, Соппуруон Сыраанап ыраахтааҕыга тиийэн саха кыһалҕатын туруорсубутун, Саха сиригэр хомсомуол хамсааһынын тэриллиитин уонна олоххо биллэр-көстөр суолу хаалларбыт дьон олохторун туһунан суруллар.
🔹1054 — Оҕус сулус бөлөҕөр сулус эстиитин кытай, арааб астрономнара уонна баҕар Америка төрүт олохтоохторо көрбүттэрин суруйан хаалларбыттар. 23 хонук тухары бу сулус күнүһүн да көстөр чаҕылхай эбит.
🔹1768 — Екатерина II ыраахтааҕыны кытта көрсөр соруктаах баран иһэр сахалар дьокутааттарын Соппуруон Сыраанабы Бүтүн Сибиир Сенатын дьаһалтата (Тобольскай куорат) дьиэтигэр төннөрүгэр уураахтаабыт. Бу иннинэ Иркутскай күбүөрүнэтин дьаһалтата быыбары биллиммэтэх, ыраахтааҕыга барарын утарбыт. Ол да буоллар саха кинээстэрэ Сыранов Москуба куоракка ыраахтааҕыга тиийиэхтээх диэн туруорсубуттар, Сыраанап Сибиир тойотторун бобуутун-хаайыытын ылымматах, син биир ыраахтааҕыны баран көрсүбүт, саха кыһалҕатын туруорсубут.
🔹1776 — Континент иккис Кэнгириэһэ АХШ Тутулуга суох буолуутун туһунан Декларацияны ылыммыт.
🔹1845 — Коллежскай сүбэһит Николай Каргопольцев Саха уобалаһын бырабылыанньатын бэрэстээтэлинэн анаммыт. Кини бу солоҕо 1850 сыл кулун тутар 18 күнүгэр диэри олорбут.
🔹1892 — Арҕаа Самоа күн-дьыл уларыйыытын лиинийэтин көһөрөн Арҕаа полушариеҕа киирэр буолбут, онон биир күн манна иккиһин хатыламмыт уонна бу сыллара кинилэргэ 367 күннээх буолбут. АХШ-ы кытары сыһыаны чэпчэтэр туһугар маннык гыммыттар диэн суруллар. Онтон 2011 сыллаахха Австралияны уонна Саҥа Зеландияны кытары сыһыаны чэпчэтэр туһуттан Арҕаа Самоа төттөрү Илин полушариеҕа көспүт, бу сыл биир күн көтүтүллүбүт.
🔹1920 — Соторутааҕыта Иркутскайтан төннөн кэлбит Степан Васильев Дьокуускай куорат ыччатын бастакы уопсай мунньаҕын тэрийэн ыыппыт. Саха сиригэр ыччат хомуньуустуу сойууһа — хомсомуол — тэриллэн барбыта.
🔹1931 — саха дьоно Семен Старостин – Одьоо Ыстаарыһын (Амма), Михаил Корнилов-Мээнчэ уола (Өлүөхүмэ) уонна Егор Старостин — Тоҕурууса (Илин Хаҥалас) Соловки концлааҕыртан күрээн, Финляндия сирин булаллар. Финляндияҕа олохсуйаллар. Дьон бэртэрэ буолан тыыннаах ордон, өссө бэйэлэрин кэнниттэн суол-иис хааллараллар.
🔹1946 — Илин Пруссия киин куората Кёнигсберг аата уларытыллан, Калининград буолбут. Урукку олохтоохторун тобохторо — ньиэмэстэр уонна литовецтар — 1947 сыллаахха Германияҕа депортацияламмыттара, саҥа Калининград уобалаһыгар ССРС холкуостаахтарын илдьэн олохсуппуттара.
Төрөөбүттэр:
🔸1950 — Наталья Степанова — Саха тыйаатырын артыыһа.
🔸1969 — Айталина Адамова-Афанасьева — опера ырыаһыта, СӨ народнай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Ил Түмэн дьокутаата.
Өлбүттэр:
🔹1934 — Мария Кюри, Польшаттан төрүттээх Францияҕа үлэлээбит физик, химик, Нобель бириэмийэтин лауреата.
🔹1964 — Прокопий Петров (24.02.1913 төр.), саха устуорук учуонайа.
🔹1978 — Петр Софронеев (12.07.1919 төр.), сахалар устуоруйаларын үөрэтэр чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата.
🔹2002 — Жанна Лебедева, эбээн уос номоҕун чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата, Арассыыйа билимин Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Степан_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_4
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сыранов_Софрон
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_уобалаһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Старостин_Семен_Константинович_–_Одьоо_Ыстаарыһын
https://sah.wikipedia.org/wiki/Корнилов_Михаил_Федорович_(Мээнчэ_уола)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Старостин_Егор_Егорович_-_Тоҕурууса
https://sah.wikipedia.org/wiki/Степанова_Наталья_Ивановна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Афанасьева-Адамова_Айталина_Саввична
https://sah.wikipedia.org/wiki/Кюри_Мария
https://sah.wikipedia.org/wiki/Петров_Прокопий_Устинович