Соҕуруулуу-арҕаа кылгас ардах, хотугулуу-илин уонна соҕуруу — ардах, миэстэлэринэн күүстээх ардах. Этиҥ соҕуруу уонна хотугулуу-илин оройуоннарга түһэр. Тыала холку, кытылынан уонна этиҥ кэмигэр — 15-20 м/с күүһүрэр.
Температура түүн +12…+17°, миэстэлэринэн +7…+12°, кытылга +1…+6°. Күнүс +28…+33°, соҕуруу, хотугулуу-арҕаа уонна хотугулуу-илин ардах кэмигэр — +20…+25°, кытылынан — +15…+20°.
Дьокуускайга сөҥүү түспэт, тыала хотугулуу-илин 5-10 м/с. Түүн температура +15…+17°, күнүс — +31…+33°.