9 Балаҕан ыйа 09.09
  • $ 89,82
  • 99,72

От ыйын 2 күнэ. Өлүөнэ өрүс күнэ бэлиэтэнэр - Бикипиэдьийэ

09:01, 02 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 2 күнүн — сыл ортотунан бэлиэтииллэр. Саха сиригэр Өлүөнэ өрүс күнэ. 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Аан дойдуга спорт суруналыыһын аан дойдутааҕы күнэ. Бу күн 1924 сыллаахха спорт суруналыыстарын аан дойдутааҕы ассоциацията тэриллибит.


🔹1776 — Филадельфияҕа буолбут Континент иккис кэнгириэһэ Америка Британияттан арахсарын туһунан быһаарыныы ылыммыт. Ол эрээри билигин Тутулуга суох буолуу күнэ от ыйын 4 күнүгэр бэлиэтэнэр, ол күн Тутулуга суох буолуу Декларацията ылыныллыбыта.

🔹1853 — Нуучча аармыйата туурактар баһылаан олорор Молдавияларыгар саба түһэр. Кырыым сэриитэ саҕаланар.

🔹1860 — Владивосток куората олохтоммут.

🔹1911 — Дүллүкү нэһилиэгэ Намтан арахсан туспа нэһилиэк буолбут. Бу нэһилиэктэр сирдэрэ Бүлүү өрүс нөҥүө-маҥаа өттүгэр сытар. Нэһилиэк бастакы кинээһинэн Иванов Николай Иванович (Маттаҥаа) талыллыбыта.

🔹1969 — бэйиэт, публицист Сэргэй Борогонскай Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни туппут.

🔹1976 — Соҕуруу уонна Хотугу Вьетнамнар холбоһон Вьетнам Социалистыы Өрөспүүбүлүкэтэ буолаллар.

🔹1997 — Таиланд Баана бэйэтин валютатын бат куурсун көҥүл ыыппыт. Онтон сылтаан Азияҕа үп-харчы кризиһэ саҕаламмыта. Аан дойду экэниэмикэтэ барыта охсууну ылбыта, ол курдук эһиилигэр 1998 сыллаахха Арассыыйаҕа эмиэ экэниэмиэкэ кризиһэ буолбута.

🔹2012 — Санкт-Петербург куоратыгар ЮНЕСКО Аан дойду Утумун кэмитиэтин 36-с сиэссийэтин түмүгүнэн Өлүөнэ туруук хайалара ЮНЕСКО Аан дойду Утумун тиһигэр киирбиттэрэ.

Төрөөбүттэр:

🔸1937 — Татьяна Куприянова, норуот үөрэҕириитин туйгуна, “Дети Саха-Азия” стипендиата, Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин Ытык киһитэ.

🔸1970 — Сардаана Авксентьева, Дьокуускай куоратын баһылыга.

🔸1976 — Байбал Сэмэнэп, саха биллэр ырыаһыта, ырыа айааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа.

Өлбүттэр:

🔹1778 — Жан-Жак Руссо, Франция уонна Швейцария бөлөһүөгэ.

🔹1961 — Эрнест Хемингуэй, АХШ суруйааччыта, литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтин 1954 сыллааҕы лауреата.

🔹1977 — Владимир Набоков, нууччалыы уонна ааҥыллыы айбыт суруйааччы.

https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_2

https://sah.wikipedia.org/wiki/Владивосток

https://sah.wikipedia.org/wiki/Дүллүкү_нэһилиэгэ_(Үөһээ_Бүлүү_улууһа)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Сергей_Степанович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Өлүөнэ_туруук_хайалара

https://sah.wikipedia.org/wiki/Куприянова_Татьяна_Семеновна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Авксентьева_Сардаана_Владимировна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Байбал_Сэмэнэп

https://sah.wikipedia.org/wiki/Владимир_Набоков

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА