От ыйын 10 күнэ устуоруйаҕа элбэх чахчыны хаалларбыта. ССТА ааҕыныстыба тэриллиитэ, НКВД үлэтин саҕаланыыта, Смоленскайдааҕы кыргыһыы, «Телстар» куйаарга тахсыыта, Ельцин президенинэн талыллыыта, Власово бөһүөлэк учуоттан уһуллуута. Салгыы Бикипиэдьийэ бүгүҥҥү халандаарын аах.
🔸Багаама арыыларыгар тутулуга суох буолуу күнэ (1973 сыллаахха Улуу Британияттан босхоломмута).
Түбэлтэлэр:
🔹1913 — Калифорнияҕа баар «Өлүү Хочотугар» Сир ньууругар саамай үрдүк температура бэлиэтэммит — +56.7 °C. 2012 сыллаахха диэри саамай үрдүк температуранан Ливия кумах куйаарыгар бэлиэтэммит +58,2 °C ааҕыллара, ол эрээри бу кээмэйдээһини чопчута суох диэн быһаарбыттар.
🔹1925 — Сэбиэскэй Сойуус телеграфнай ааҕыныстыбата — ССТА (нууччалыы ТАСС) тэриллибит. Бу Сэбиэскэй Сойууска информацияны тарҕатар киин уорган этэ.
🔹1934 — ССРС-ка НКВД тэриллибит, 1946 сыллаахха аата МВД диэҥҥэ уларыйбыт.
🔹1941 — Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Смоленскайдааҕы кыргыһыы саҕаламмыт. Бу икки ый устата буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа элбэх сүтүктэммитэ, вермахт сэриилэрэ улахан ситиһиилэммиттэрэ. Ол эрээри ньиэмэстэр Москубаҕа кыайан тиийбэтэхтэрэ.
🔹1962 — Бастакы коммерческай сибээс спутнига «Телстар» куйаарга тахсыбыт. «Телстар» 60 ханаалынан төлөпүөн сибээһин эбэтэр биир тэлэбиидэнньэ ханаалын трансляциятын хааччыйар кыахтааҕа.
🔹1991 — Борис Ельцин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ буолбут. Кини бу солоҕо 1999 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри олорбута.
🔹1998 — Усуйаана улууһугар үөскүү сылдьыбыт Власово бөһүөлэк учуоттан уһуллубут. 1989 с. биэрэпискэ 2087 киһи олоро сылдьыбыта бэлиэтэммит.
🔹2003 — СӨ Төрүт сокуонун 55-с (дьокутааттар биир мандааттаах уонна өрөспүүбүлүкэ уокуругуттан талыллалларын туһунан), 62-с (сокуону уларытар көҕүлээһин туһунан), 93-с ыстатыйаларыгар уларытыылар киирбиттэр.
Төрөөбүттэр:
🔸1509 — Жан Кальвин — христианство реформатора, кальвинизмы төрүттээччи.
🔸1856 — Никола Тесла — электротехника уонна радиотехника эйгэтигэр айааччы.
🔸1871 — Марсель Пруст — Франция суруйааччыта.
🔸1905 — Лев Кассиль — сэбиэскэй суруйааччы.
🔸1927 — Дьокуускайга Валентина Николаева — устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха Сирин сэбиэскэй кэминээҕи устуоруйатын үөрэппит биллиилээх чинчийээччи.
🔸1932 — Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар Николай Амыдаев — худуоһунньук, муосчут, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
🔸1949 — Сунтаар Бүлүүчээнигэр Юрий Степанов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын, социальнай сулууспа туйгуна. Талааннаах хирург, өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитациялыыр киин дириэктэрэ.
🔸1957 — Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр Виктор Игнатьев — мэдиссиинэ билимин дуоктара, профессор, үрдүкү категориялаах хирург, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
🔸1990 — Франк Чамисо — Кубаттан төрүттээх Италия бөҕөһө, Аан дойду, Европа уонна Панамерика оонньууларын чөмпүйүөннэрэ, Европа оонньууларын призера.
Өлбүттэр:
🔹1858 — Огюст Монферран (1786 төр.), Франция уонна Арассыыйа архитектора, Санкт-Петербурга Исаакий собуорун уонна Александровскай холуонна ааптара.
https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_10
https://sah.wikipedia.org/wiki/Власово
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_Өрөспүүбүлүкэтин_Төрүт_Сокуона
https://sah.wikipedia.org/wiki/Никола_Тесла
https://sah.wikipedia.org/wiki/Марсель_Пруст
https://sah.wikipedia.org/wiki/Николаева_Валентина_Викторовна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Амыдаев_Николай_Данилович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Степанов_Юрий_Павлович