От ыйын 1 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олохтоох бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Арассыыйаҕа Байҕал уонна өрүс үлэһиттэрин күнэ. Аан дойдуга архитектура күнэ. Бүгүн Россия олохтоохторо дойду Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластыыр сүрүн күннэрэ. Быыбардыыр учаастактар сарсыарда 8.00 чаастан ааннарын арыйдылар. Дьаһал киэһэ 20.00 чааска түмүктэнэр.
Бүгүн — Канаада күнэ. 1867 сыллаахха Канаада Британия Импиэрийэтиттэн тахсыбакка эрэ бырабыыталыстыбатын бэйэтэ талар буолбут.
🔹1770 — Лексель кометата Сиргэ чугаһаан, Ыйдааҕар 6 эрэ төгүл ыраахха кэлбит (2,180,000 км). Комета комата (иитэ, саҕата) халлааҥҥа Ыйдааҕар 4 төгүл улахан буолан көстүбүт.
🔹1899 — Аан дойду гостиницаларыгар Библияны босхо тарҕатар «Гидеон» диэн тэрилтэ үөскээбит.
🔹1903 — Бастакы Tour de France («Франция бэлисипиэт туура») саҕаламмыт. Бу аан дойдуга саамай ааттаах-суоллаах бэлисипиэт күрэһэ буолар.
🔹1907 — Саха сирин аан бастакы легальнай демокрааттыы хаһыата «Якутский край» тахсыбыт.
🔹1918 — Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт Дьокуускайы ылан, Сэбиэскэй былааһы олохтообут. Үрүҥнэр куорат караулларыгар уонна Преображенскай сыаркапка хорҕойон утарыласпыттар. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 30 киһи, кыһыллартан 7 киһи өлбүт. Сотору кыһыллар куорат баайдарыгар контрибуция түһэрбиттэр.
🔹1930 — Дьокуускайдааҕы Үп-экэниэмикэ кэллиэһэ (ол саҕана техникум) тэриллибит.
🔹1939 — Саха сирин суруйааччыларын I сийиэстэрэ саҕаламмыт. 5 хонук мунньахтаабыттар.
🔹1948 — Түөрт хонук үлэлээн баран Саха сирин суруйааччыларын II сийиэстэрэ түмүктэммит.
🔹1968 — Атомнай сэрии сэбин тарҕаппат буоларга дуогабар түһэрсиллибит. Вашингтоҥҥа, Лондоҥҥа уонна Москубаҕа мустубут 62 дойду бэрэстэбиитэллэрэ илии баттаабыттар.
🔹1968 — Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт, Сунтаар Тойбохойугар үйэтин тухары үлэлээбит аатырбыт учууталга Георгий Бессоновка (18.08.1915 — 04.10.2005) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.
🔹1991 — Тымныы сэриигэ Европаҕа НАТО блогун утары тэриллибит Варшава Дуогабарын тэрилтэтэ суох буолбут.
🔹2009 — Арассыыйаҕа сүүйсүүлээх оонньуулары боппуттар.
Төрөөбүттэр:
🔸1865 — Прокопий Сокольников, саха бастакы идэтийбит бырааһа.
🔸1873 — Илья Башарин (1928 өлб.) — суруксут, нэһилиэк кинээһэ. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» диэн улахан үлэтигэр сирэй аадырыстаабыт биэс киһититтэн биирдэстэрэ буолар.
🔸1923 — Бүлүү Баппаҕаайытыгар Иван Николаев, биллиилээх булчут.
🔸1929 — Гурий Турантаев, норуот эмчитэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун уонна Бээрийэ нэҺиэлиэгин Ытык киһитэ.
🔸1934 — Василий Протодьяконов, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, литературовед, литэрэтиирэ кириитигэ. Аатырбыт «Хара сир устун…» диэн тыллартан саҕаланар «Ньургуһуннар» ырыа ааптара. Устудьуоннуу сылдьан суруйбута.
🔸1936 — Егор Егоров, РФ уонна СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ НА чилиэнэ, СӨ Илин бириэмийэтин наукаҕа уонна техникаҕа лауреата, экономика дуоктара, профессор.
🔸1941 — Елизавета Попова, хуор тэрийээччи, ССРС култууратын туйгуна.
🔸1943 — Михаил Семенов, П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
🔸1951 — Полина Иванова, саха дьахталларыттан бастакы композитор.
Өлбүттэр:
🔹1977 — Виктор Тихонов (21.12.1908 төр.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
12 Бикипиэдьийэ кыттыылаах Түүр марафона бөлүүн түмүктэннэ. Күрэс кыттааччылара 1 ый тухары Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ түүрдэргэ сыһыаннаах энциклопедическэй ыстатыйалары суруйдулар. Уопсайа 328 саҥа ыстатыйа сурулунна.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сокольников_Прокопий_Нестерович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бессонов_Георгий_Евдокимович
https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_1
https://sah.wikipedia.org/wiki/Егоров_Егор_Григорьевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Николаев_Иван_Егорович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Башарин_Илья_Никифорович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_сирин_суруйааччыларын_сойууһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Биибилийэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Дьокуускайдааҕы_Үп-экэниэмикэ_кэллиэһэ