Өрөспүүбүлүкэҕэ 1 — 4 кылаас үөрэнээччилэрэ бары итии аһылыгынан хааччыллыахтара. Ол туһунан «Быһа кэпсэтии» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина кэпсээтэ.
Владимир Путин быйылгы федеральнай мунньахха ыҥырыытыгар 1 — 4 кылаас үөрэнээччилэрэ оскуолаларыгар итии аһынан хааччыллыахтаахтарын туһунан эппитэ. Ааспыт сыллааҕы дааннайынан, Саха сиригэр маннык саастаах 61 565 оҕо баар.
«Билигин оскуолаларга итии аһынан хааччыйыы толору буолбатах. Тиийинэн олоруу кээмэйигэр эппиэттэспэт дохуоттаах ыаллар оҕолоругар эрэ бу көрүллэр. Ити эрээри бүгүн итии аһынан 1 — 4 кылаас оҕолоро бары хааччыллыахтаахтар. Билигин суоттааһын үлэтэ барар. Бюджеты корректировкалаан, оҕо барыта итии аһынан хааччыллыаҕа», — диэтэ Ольга Балабкина.
Остолобуойдаах оскуолалар үлэлииргэ бэлэмнэр, ити эрээри аутсорсинг өҥөтүнэн туһанан олорбуттарга боппуруостар баар буолуохтарын сөп.
«Россия үөрэҕин министиэристибэтэ оскуолалары анал тэрилинэн хааччыйыыга сайаапкалары хомуйар, биһиги муниципалитеттарбыт онно ылыстылар», — диэн түмүктээтэ вице-премьер.