Коррупцияны утары быраап төрүттэрин үөрэтии оскуолаларга, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын бырагыраамаларыгар киириэн сөп. Бу туһунан Госдума куттал суох буолуутугар уонна коррупцияны утары үлэҕэ кэмитиэт салайааччыта Василий Пискарев эттэ диэн, «Парламентская газета» суруйар.
Василий Пискарев кэмитиэт көхтөөх үлэтин бэлиэтээтэ. Биир көҕүлээһининэн, оскуолаларга уонна үөрэх кыһаларыгар «антикоррупционное просвещение» диэн барыллаан ааттаах предмет баар буолара этилиннэ.
«бу коррупцияны утары үлэ бырааптарыгар төрүт буолуоҕа, — диэн сокуону таһаарааччы быһаарда. — Көҕүлээһин интэриэһинэй, биһиги үөрэҕириигэ уонна наукаҕа кэмитиэти кытта дьүүллэстибит. Салайааччы Вячеслав Никонов идеяны өйүүр, үөрэх министиэристибэтэ эмиэ».
Кэлэр сыл саҥатыгар бу тиэмэнэн «төгүрүк остуол» ыытыллара былааннанар.