22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оскуола үөрэнээччилэрин нэдиэлэтээҕи аһылыгар олохтоох бородууксуйаны киллэриэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оскуола үөрэнээччилэрин нэдиэлэтээҕи аһылыгар олохтоох бородууксуйаны киллэриэхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Хатас сэлиэнньэтин саҥа оскуолатыгар буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ  суруналыыстарга иһитиннэрдэ, диэн «Саха сирэ» саайт таһаарда.

“Оскуолаларга уонна уһуйааннарга оҕолору ордук олохтоох бородууксуйанан аһатыы боппуруоһун быһаарар ирдэнэр. Бу туһунан Анал этиибэр чопчу иһитиннэрэн турабын. Быйыл оскуолаларга нэдиэлэтээҕи менюга олохтоох аһы-үөлү учуоттуулларын булгуччу ситиһиэм. Онно Роспотребнадзору, федеральнай ыстандаарты кытта сибээстээх улахан боппуруос баар, ол эрээри, былааннаахтык дьарыктаннахха быһаарыллыан сөп. Чопчу оҕолорбут доруобуйаларын инники күөҥҥэ тутан, муниципалитеттар уонна оскуолалар бу соругу быһаарыахтаахтар” – диэн Айсен Николаев эттэ.

Санатан аастахха, Ил Дархан Анал этиитигэр уһуйааннары, оскуолалары, балыыһалары, социальнай тэрилтэлэри хаачыстыбалаах бородууктанан хааччыйар саҥа суоллары олоххо киллэрэр ирдэнэрин туһунан ыйыллыбыта. Судаарыстыбаннай сокуупкаҕа аска олохтоох бородууксуйа өлүүтэ 25 % кыра буолуо суохтаах, оттон улуустарга – 50 % диэри.

Айсен Николаев болҕомтону бу сылларга улахан өйөбүл Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар ууруллубутугар, бу атын эрэгийиэннэри кытта тэҥнээтэххэ бородууксуйаҕа сыананы биллэ туппутугар туһаайда.

“Атын хайысхаларга эмиэ бу курдук үлэлиэхтээхпит. Биһиэхэ, дьиҥэр, эрэсиэрбэбит улахан. Ситиһиилэнэр туһугар Саха сиригэр аныгы технологиялары туһаныахтаахпыт дии саныыбын. Саамай судургу холобур – “Саюри” тэпилииссэтэ. Билигин эспэримиэн быһыытынан клубникаттан саҕалаан папаига тиийэ бородууксуйа араас көрүҥүн үүннэрэр. Дьыл кэмнэрэ быысаһыыларыгар оҕуруот аһыгар сыана икки-үс төгүл үрдээбитигэр “Саюри” бородууксуйата үрдээбэтэҕэ, сылы эргиччи үлэлиир комплекс сыананы бэрээдэктиир. Биһиги атын даҕаны үүт, эт хаайыстыбаларын хайысхаларыгар саамай аныгы технологиялары туһанан түмүгү ситиһэрбитигэр эрэллээхпин”, — диэн эрэгийиэн салайааччыта бэлиэтээтэ.

Ил Дархан айылҕа үүнээйилэрин (дикорос) уонна мүөтү оҥорон таһаарыы эмиэ кэскиллээх диэн этэр. Сиһилии манна ааҕыҥ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА