Оскуола оҕолоругар бэриллэр 10 тыһ солкуобай харчы атырдьах ыйын 2 күнүттэн бэриллэн саҕаланыа. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин маннык дьаһалы төрөппүттэр оҕолорун оскуолаҕа холкутук бэлэмнииллэригэр диэн сыаллаах биэрдэ. Бу туһунан СИА РИА Новостига сигэнэн иһитиннэрэр.
Сэрэдэҕэ В.Путин үөрэх миниистирин Сергей Кравцов уонна үлэ миниистирэ Антон Котяков дакылааттарын иһиттэ. Үлэ миниистириттэн былааннаммыт төлөбүрү болдьоҕун иннинэ эрдэ биэрэр кыалларын сураста.
Котяков атырдьах ыйын 16 күнүгэр былааннаммыт төлөбүр атырдьах ыйын 2 күнүттэн төлөнүөн сөбүн эттэ. Барыллаан көмө харчыны дойду 17 мөл үөрэнээччитэ тутуо.
В.Путин ити этиигэ сөбүлэһэн төлөбүрү кэлэр бэнидиэнньиктэн, атырдьах ыйын 2 күнүттэн төлөөн саҕалыыры эттэ.