«Ырыа аргыс» бөлөх аатын курдук ырыаны аргыс оностон, култуура эйгэтигэр көхтөөх кыттааччы. Кинилэр Орто Халыма улууһугар буолар кэнсиэртэргэ куруук кытталлар. Маны тэҥэ кыргыттар уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
«Сценаҕа тахсарбытыгар таҥаспытын, хамсаныыбытын, туттарбытын-хаптарбытын «Кулума» култуура киинин үлэһиттэрэ ыйан-кэрдэн биэрэллэр», — диэн ырыаһыт кыргыттар кэпсииллэр.
Хас биирдии толорууларын кэнниттэн, ырыаларын ырытан көрөллөр. Үлэни, бириэмэни аахсыбакка ырыаны аргыс оҥостор, кэрэ эйгэлээх кыргыттардарыгар олохтоохтор махталларын тиэрдэллэр.
Ансаамбыл кыргыттара салайааччыларыгар Николай Юрьевичка саҥа ырыалары, ураты сүүрээннэри баҕараллар, суруйда Марина Винокурова, @khalyma_dolgunnara