Киһи чугас дьонун, чуолаан тапталлаах төрөппүттэрин, сүтэрдэҕинэ кинилэр ааттарын-суолларын, олорбут олохторун үйэтитэргэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэргэ дьулуһар. Оттон ону ситиһэргэ – туһаммыт малларын-салларын үтүө өйдөбүл оҥостон илдьэ сылдьыы буолар. Биир оннук үтүө бачыымынан үлүһүйэн туран дьарыктанар Евдокия Слепцова Орто Халыма улууһун Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр түөлбэлээн олорор.
Кини идэтинэн бэтэринээр. Бэрт сыралаах үлэтин түмүгүнэн «СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» бэлиэ хаһаайына буолбута. Бу уустук үлэтин-хамнаһын быыһыгар төрөппүттэрин алаһа дьиэтин «Слепцовтар дьиэ кэргэн түмэл-коллекцията» оҥорон, төрөөбүт нэһилиэгэр түмэл арыйан үлэлэтэр. Бу түмэлгэ нэһилиэк дьоно эрэ буолбакка, улуус дьоно-сэргэтэ, ону ааһан гастроллуу тиийбит артыыстар, ыалдьыттар биир бастакынан сылдьар сирдэрэ буолбут.
Манна дьиэ күүлэтиттэн саҕалаан Екатерина Ивановна уонна Иван Михайлович Слепцовтар үйэлэрин тухары муспут, ылбыт, бэлэхтэппит маллара, туттубут сэптэрэ-сэбиргэллэрэ, таҥастара-саптара, иһиттэрэ-хомуостара о.д.а. киһи хараҕын сымнатар мал арааһа бары барыта баар. Дьиэҕэ киирдэххэ умнуллубат оҕо сааһыҥ кэмигэр төннө түһэр курдуккун.
Евдокия Ивановна төрөппүттэрэ Екатерина Ивановна уонна Иван Михайлович Слепцовтар үйэ аҥарыттан ордук бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн-өйдөһөн олорбут нэһилиэк сис ыала этилэр. Түмэл хаһаайката санаатын маннык үллэстэр: «Дьонум ааттарын хайдах эмэ гынан ааттаттарбын диэн сыаллаах кинилэр бэйэлэрэ уонна, бэл диэтэр, төрөппүттэрин кытта туттубут малларын мунньаммын музей диэн ааттаан тэрийбитим. Оннооҕор миэстэ тиийбэт курдук буолла, күнтэн күн саҥаттан саҥа тэриллэри киллэрэ турабын. Инникитин даҕаны дьону-сэргэни өссө интэриэһиргэтэр гына хаҥатыахпын баҕарабын.
Мин төрөппүттэрбинэн олус киэн туттабын. Аҕам олоҕун былаһын устата сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, оттон ийэм оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйинэн, завхоһунан эҥкилэ суох үлэлээбиттэрэ. Бастаан Дүөнсэ таҥаратын дьиэтигэр үлэлии сылдьан билсэн, 1961 сыллаахха сүрэхтэрин холбообуттара. Бу мусуойга ол саҕанааҕы уруу киэһэтигэр кэлбит дьон баҕа санааларын суруйбут тэтэрээттэрэ кытта баар. Быйыл дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн мусуойбун өссө эбэн-сабан, тиэмэтин онно дьүөрэлиэхпин баҕарабын.
Бииргэ төрөөбүт алтыабыт, түөрт кыыс, икки уол. Хомойуох иһин, уолаттарбыт билигин суохтар. Кыргыттар буоламмыт киэргэнэрбитин, симэнэрбитин олус сөбүлүүр этибит. Ол саҕанааҕы симэхтэрбит бу түмэлгэ тиһиллэн тураллар. Кэппит таҥаспытыгар тиийэ барыта баар. Оччотооҕу саҥа дьыллааҕы харыйа, киэргэллэрэ, гирляндалара билигин көрөргө, саныырга олус күндү.
Дьонум олус кичэллээх, болҕомтолоох этилэр, үлэлэригэр, дьиэлэригэр биир оннуктар этэ. Бэйэ-бэйэлэриттэн саҕалаан малга-салга барытыгар олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллара. Биһигини эмиэ оннук ииппиттэрэ. Ол иһин билигин туох эмэ алдьаннаҕына даҕаны быраҕа сатаабаппыт, туохха эрэ син биир туһалыаҕа диэн уурунан кэбиһэбит. Ол түмүгэр маннык улахан баай, элбэх экспонаттаах мусуой курдук буолан турар. Бу баай барыта ампаарга харалла сыппыта, билигин даҕаны баһаам киирбэккэ турар. Аймахтарым өйүүллэр, көмөлөһө сатыыллар.
Оскуола оҕолоро олус интэриэһиргииллэр. «Ама маннык баар этэ дуо?», — диэн сөҕө-махтайа көрөллөр. Бөһүөлэкпитигэр түмэл суох, бу бастакы холонуу буолар. Инникитин улуус мусуойун кытта үлэлэһэргэ былаан баар. Баҕа санаа элбэх, төһө кыалларынан оҥоро, ситиһэ сатыаҕым.
Түмүкпэр бар дьоммор этиэм этэ, чугас дьоҥҥут малларын быраҕымаҥ. Кинилэр тустарынан үтүө өйдөбүл хаалларан, дьиэҕитигэр биир да муннукка дьоҕус түмэл курдук оҥордоххутуна, кэлэр кэскилгит кинилэр тустарынан куруук өйдүү-саныы сылдьыахтара».
Евдокия Ивановна олус кыһаллан, санаатын ууран туран тэрийбит түмэлин үлэтигэр ситиһиини, инники былааннара туолалларыгар баҕа санаабын тиэрдэбин.
Анна Созонова