24 Сэтинньи 24.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Орто Халыма олохтоохторо дьиэ кэргэҥҥэ туттуллар тылдьыт наадатын туһунан эттилэр

17:01, 01 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Орто Халыма куоратыгар ийэ тылы суолталыыр, өрө тутар дьон төгүрүк остуолга муһуннулар, «Төрөөбүт тылбыт тула» диэн кэпсэтиигэ кытыннылар. Ийэ тылы сөпкө сайыннарыы, сыыһа-халты саҥарыы, күннээҕи кэпсэтиигэ нууччаттан киирбит тыллары кыбытан туттуу, сыыс тыл үксээбитин туһунан сэһэргэстилэр.


Орто Халыматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ «Саһарҕа» уонна «Сказка» оҕо уһуйааннарын иитээччилэрэ төрүт тылы уонна култуураны сайыннарар үлэ хайысхатын, билиҥҥи кэмҥэ оҕо тылын сайдыытыгар туох кыһалҕа баарын кэпсээтилэр.

Орто Халыма куорат орто оскуолатын учуутала Февралина Чукрова: «Оҕо пластилин кэриэтэ, сөпкө үөрэттэххэ, уһуйдахха тугу барытын түргэнник ылынар…» — диэн иитии-үөрэтии холобурдарын кэпсээтэ, итиэннэ дьиэ кэргэнин аатыттан улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ сахалыы кинигэлэри бэлэх уунна.

Оҕо тылын сайдыыта төрөппүттэртэн, дьиэ кэргэн ситимнээх алтыһыытыттан тутулуктааҕын мустубут дьон сөпсөстүлэр. Билигин төлөпүөн, тэлэбиисэр, интэриниэт үйэтигэр, оҕо төрөппүтүн кытта илэ кэпсэтиитэ аҕыйаҕа, тылы кылгатан суруйуу, онтон тыл баайа, ис хоһооно сүтэрэ бэлиэтэннэ.

Кэпсэтии кэмигэр хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ сөптөөх тылдьыт наадатын туһунан олус суолталаах этии киирдэ. Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын харыстыыр туһугар оҕо уһуйааннарыгар уонна оскуолаларга төрөппүккэ көмө быһыытынан күүстээх үлэ ыытыллар эрэ буоллаҕына, ийэ тылбыт, саха омуга чэчириир кыахтаах диэн төгүрүк остуол кыттыылаахтара биир санааҕа кэллилэр, диэн суруйда соцситимҥэ «Халыма долгуннара» хаһыат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА