Орто Халыма авиапорда хаһан аһыллара биллибэт

Бэҕэһээ Орто Халыма авиапордун балаһатыгар хаар уута халыйан, сарсыарда 7 ч. 40 мүн. көтүөхтээх сөмөлүөт (217-с рейс) көппөтөҕө. Бүгүҥҥү рейс эмиэ оҥоһуллубата.


Халлаан эмискэ сылыйан, хаар ууллан, уу балаһаҕа халыйан, сөмөлүөт түһэр кыаҕа суох балаһыанньата үөскээбит.

«Билигин балаһаҕа баар хаары ыраастыы сылдьабыт. Халыйбыт ууну оборторобут. Авиапорт хаһан аһылларын чуолкай бу диэн этэр кыаллыбат. Халлаан туругуттан эмиэ тутулуктаах», — диэтэ Орто Халыма авиапордун дириэктэрэ Валентин Бубякин.

edersaas.ru

This post was published on 26.04.2017 13:44 13:44