От ыйын 26-28 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ «Оптуобус» диэн ааттаах сэрэтэр рейдэ үлэтэ ыытылынна.Бу сэрэтэр үлэни Госавтоиниспиэксийэ, Уһук Илиҥҥи уокурук Саха сиринээҕи Ространснадзор үлэһиттэрэ тэрийдилэр. Бэрэбиэркэ кэмигэр уопсайа 177 административнай быраабы кэһии баара бэлиэтэммит.
Олортон Дьокуускай иһигэр 126, утары айанныыр суол дьураатын кэһии — 3 , мөлтөх туруктаах тиэхиньикэни сүүрдүү — 31, сэрэхтээх буолуу курун кэппэккэ 36 суоппар оптуобуһу ыыта сылдьыбыт, тахографа суох сылдьыы — 9, дьону тиэйиигэ быраабыланы кэһии — 7, массыына ыытар бырааба суох сылдьан ыытыы — 1, тиэхиньикэни лиссиэнсийэтэ, судаарыстыбаннай регистрацията суох ыытыы — 1 көстүбүт. Көҥүлэ суох ыытылла сылдьыбыт оптуобуһу анал стоянкаҕа илдьибиттэр.
Инникитин оптуобуска ханнык эмит быраабы кэһии тахсар түгэнигэр ИДьМ салаатыгар эбэтэр Госавтоиниспиэксийэ дьуһуурунай чааһыгар 8(4112 )47-35-69 эрийэргэ сүбэлииллэр.
Ульяна Захарова, Саха сирэ