21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Онкология киинигэр бастакы ангиограф баар буолла

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Онкология киинин ыарыыны сэрэтиигэ уонна эмтээһиҥҥэ рентгенохирургия ньымаларын отделениетыгар кэнники көлүөнэ аныгы ангиограба үлэлээтэ.

Саҥа тэрил көмөтүнэн исписэлиистэр үрдүк технологиялаах уустук эпэрээссийэлэри кыра хайаҕастаан оҥоруохтара.

Икки хаптаҕай панель детектордаах аныгы аппараат көмөтүнэн эпэрээссийэ кэмигэр  улахан кээмэйдээх хаартыскалар экраҥҥа көстөллөр. Ангиография тымырдары эрэ буолбакка, араас патологиялар туруктарын быһаарар кыахтаах.

Маннык ангиограф онкология сулууспатын устуоруйатыгар аан бастаан баар буолла. Тэрил Онкология саҥа киинэ аһыллыбытынан уонна “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн ылылынна. Бу – эмтэнээччилэргэ уонна быраастарга өр күүтүллүбүт түгэн. Тоҕо диэтэххэ, урут эмтэнээччилэри  онкология федеральнай кииннэригэр ыытарга күһэллэллэрэ.

Отделение сэбиэдиссэйэ Айсен Федоров эппитинэн, рентгент саҥа тэрилэ искэни эмтээһин ньымаларын элбэтэргэ, ону сэргэ искэнтэн өлүүнү аҕыйатарга көмөлөһүөҕэ уонна эрэгийиэҥҥэ искэни быһаарыы, эмтээһин арыый үрдүк таһымҥа таһаарыллыаҕа, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА