22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Олунньуга Саха сиригэр 69 тыһыынча вакцина кэлиэҕэ

10:01, 12 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олунньуга коронавируһу утары 69 500 вакцина кэлиэхтээх. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


«Ахсынньы бүтүүтүгэр Саха сиригэр 1,9 тыһыынчаттан тахса «Гам-Ковид-Вак» вакцина уонна 1,2 тыһыынчаттан тахса «ЭпиВакКорона» вакцина кэлбит. 42 устуука вакцина балаҕан ыйыгар кэлбитэ, ону бастакынан Дьокуускай быраастара ылбыттара. Кинилэр билигин үчүгэйдэр, коронавируһунан ыалдьа иликтэр», — диэбит миниистир Елена Борисова.

Вакцина 21 күн арыттаах иккитэ бэриллэр. Оттон ковидтыы сылдьыбыт дьон алта ыйынан биирдэ ылыахтаах. Аллергиялаах, хроническай ыарыылаах дьон эбэтэр оҕо күүтэр, эмтэрэр ийэлэр вакцина ылбаттар.

Вакцинация профилактическай быһыы оҥорор лицензиялаах медицина тэрилтэлэригэр эрэ оҥоһуллар. Тэрилтэ салайааччылара хас үлэһиттээҕин испииһэктээн туран бэйэтин поликлинкатыгар сайаапка түһэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА