Бу күн нуучча улуу бэйиэтин Александр Пушкин уонна Жорж де Геккерн (Дантес) ыккардыларыгар дуэль буолбут. Дуэляннар бистэлиэтинэн ытыспыттар, түмүгэр Пушкин улаханнык бааһырбыт уонна икки хонон баран өлбүт.
1977 сыллаахха бүтүн Сойуустааҕы эстраада артыыстарын күрэһигэр Бүөтүр Пестряков лауреат буолбут.
Эбэлээххэ Анаабыр сиригэр бастакы алмаас хостоммут.
Бу күн нуучча улуу учуонайа, аатырбыт химия элеменнарын периодтаах таабылын оҥорбут химик Дмитрий Менделеев, киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа Вячеслав Тихонов төрөөбүттэр.
Бэлиэ күннэр:
- Арассыыйа — Арассыыйа билимин күнэ
- Арассыыйа — Байыаннай топограф күнэ
- Хотугу Кэриэйэ — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
Түбэлтэлэр:
- 1816 — Шотландияҕа полиция операциятыгар аан дойдуга бастакытын ыт көмөтүнэн туһаммыттар.
- 1837 — Санкт-Петербург кытыытыгар нуучча улуу бэйиэтин Александр Пушкин уонна Жорж де Геккерн (Дантес) ыккардыларыгар дуэль буолбут. Дуэляннар бистэлиэтинэн ытыспыттар, түмүгэр Пушкин улаханнык бааһырбыт уонна икки хонон баран өлбүт.
- 1904 — Араҕас байҕал кытылыгар баар Порт-Артур (билигин Далянь куоратын сирэ) тас рэйдигэр турар Арассыыйа эскадратыгар дьоппуоннар соһуччу саба түспүттэр. Арассыыйа-Дьоппуон сэриитэ саҕаламмыт.
- 1908 — Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ Иван Крафт Дьокуускайтан Верхоянскай уонна Халыма уокуруктарын көрө-истэ айаннаабыт. Кини бу айан түмүгүнэн Арассыыйа миниистиригэр Петр Столыпиҥҥа хоту олохтоохторун туһунан улахан оччуот суруйбута.
- 1921 — РСФСР норуодунастарын Коллегиятыгар Саха салаата аһыллыбыт.
- 1931 — Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ииндийэ саҥа киин куората Саҥа Дели аһыллыбыт.
- 1960 — Голливудка «Айхал аллеятыгар» бастакы 8 сулус олордуллубут.
- 1971 — Америкаҕа NASDAQ биржатыгар атыы-эргиэн саҕаламмыт. Билигин бу биржаҕа үрдүкү технологиялаах хампаанньалар акциялара атыыланаллар.
- 1977 — Бүтүн Сойуустааҕы эстраада артыыстарын күрэһигэр Бүөтүр Пестряков лауреат буолбут.
- 1984 — Эбэлээххэ Анаабыр сиригэр бастакы алмаас хостоммут.
Төрөөбүттэр:
- 1834 — Дмитрий Менделеев — нуучча улуу учуонайа, аатырбыт химия элеменнарын периодтаах таабылын оҥорбут химик.
- 1895 — Хорлогийн Чойбалсан — 1939—1952 сылларга Монголия салайааччыта (Миниистирдэр норуодунай сэбиэттэрин бэрэстээтэлэ).
- 1928 — Вячеслав Тихонов — киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа.
- 1936 — Огдуо Аксенова — дулгаан бэйиэтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччитэ.
- 1964 — Герман Греф — Арассыыйа бэлиитигэ уонна банкира, 2007 сыллаахтан Сбербаан бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ.