Саха Биикитин дьаһабыла Ньукулай Халан бүгүҥҥү күнү бэлиэтииринэн, 1910 сыллаахха аатырбыт атыыһыт Николай Эверстов — Сэрбэкэ Саха сиригэр бастакы уопсастыбаннай бааны арыттарбыт. «Оттон 1921 сыл бу күн түүн Дьокуускайга губчека саха буржуазнай националистарын, офицердар уонна кулактар саагыбардарын арыйбыт, 300-400 киһи хаайыллыбыт, 32 киһи ытыллыбыт«, — диэн суруйар кини бүгүҥҥү Биики-халандаарга.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Аан дойдуга Дьахтар ууһуур уорганнарын эчэтиигэ тулуйумтуота суох сыһыан күнэ. Сомали, Гвинея, Джибути уонна Эгиипэт кыргыттарыгар маннык эчэтэр эппэрээссийэни ордук элбэхтик оҥороллор.
- Саамнар дойдулар ардыларынааҕы күннэрэ.
- Сиэп төлөпүөнүттэн батыныы аан дойдутааҕы күнэ.
- Арассыыйаҕа уонна Украинаҕа — Бармен күнэ.
- Таджикистан — Милиисийэ күнэ.
Түбэлтэлэр
- 1819 — Британия Ост-Ииндийэтээҕи хампаанньатын бэрэстэбиитэлэ сэр Томас Стэмфорд Раффлз Сингапуру олохтообут.
- 1840 — Саҥа Зеландияҕа Британия уонна олохтоох маори тойотторо Вайтанги дуогабарын түһэрсибиттэр. Саҥа Зеландия Улуу Британия холуонньата буолбут.
- 1865 — Санкт-Петербурга күн оройун бууска ытыытынан бэлиэтиир үгэс олохтоммут.
- 1909 — Петербургтан Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ Иван Крафт Дьокуускай куоратын кулубатыгар Павел Юшмановка телерамма ыыппыт. Онно Крафт куоракка электричество уотун киллэрэргэ анаан 100 тыһыынча солкуобайы иэс ылбытын туһунан эппит.
- 1910 — Аатырбыт атыыһыт Николай Эверстов — Сэрбэкэ 50 тыһыынча солкуобайы уган, куорат уопсастыбаннай баанын арыттарбыт.
- 1921 — Түүн Дьокуускайга губчека саха буржуазнай националистарын, офицердар уонна кулактар саагыбардарын арыйбыт, 300-400 киһи хаайыллыбыт, 32 киһи ытыллыбыт. Кэлин Иван Строд ахтыытынан, бу курдук ЧК соһумар быһыылара уонна атын да бэлиитикэҕэ сыыһалар оччотооҕу үчүгэйэ суох быһыыны-майгыны эбии тыҥаппыттар. Бу сыл күһүнүгэр Саха уобалаһыгар өрө туруу саҕаламмыта.
- 1952 — Елизавета II Холбоһуктаах Хоруоллук королевата буолбут.
- 1952 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкома «Саха литературатын устуоруйатыгар буржуазнай уонна националистическай тиэрэ эргитиилэр тустарынан» уураах ылбыт.
- 1952 — «Кыһыл табаһыт» («Красный оленевод», «Колымская правда») диэн Аллараа Халыма улууһун хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
- 2000 — Иккис Чечен сэриитин кэмигэр федеральнай күүстэр Грознай куоратын ылбыттар.
Төрөөбүттэр
- 1536 — Тоётоми Хидэёси — Дьоппуону түмпүт байыаннай уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ.
- 1905 — Степан Ефремов — драматург, Саха сиригэр Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Хаҥалас улууһун Ытык гражданина.
- 1917 — Леонтий Горбунов — 40 сыл Сангаардааҕы рудникка үлэлээбит шахтер, проходчиктар биригэдьиирдэрэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1917 — Гаврил Макаров — Саха АССР устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата, профессор, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, Нам уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина.
Өлбүттэр
- 1981 — Яков Кычкин — Саха драматическай-музыкальнай тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Кини аата дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Маттатын кулуубугар иҥэриллэн турар.
- 2013 — Галина Кривошапко — дирижер, РСФСР Үтүөлээх артыыһа, Саха АССР Норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2002), «Хотугу сулус» уордьан кавалера (2011).
Сүрүн хаартыскаҕа: ЧОН (оһуобай аналлаах чаас) взвод байыастара уонна гражданскай сэрии геройа И.Я. Строд. 20-с сыллар саҕаланыылара, ХХ үйэ.