2021 сыл Саха сиригэр Доруобуйа сылынан биллэриллибитэ. Нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыыга бары эйгэҕэ араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар, дьаһаллар ылыллаллар. Олортон биирдэрэ медицина эйгэтигэр саҥа технологиялары киллэрии. Онтон олунньу 22 күнүгэр 1946 сыллаахха Америка микробиолога Зельман Ваксман стрептомицин диэн антибиотигы арыйбыта. Бу сэллиги уонна чума ыарыыны кыайыыга сүҥкэн күүс буолбута.
Бэлиэ күннэр
- Буруйу оҥоруу эмсэҕэлээччилэрин өйүүр дойдулар ардыларынааҕы күн.
- Ииндийэ — Ийэ күнэ.
- Кыргыстаан — Сири оҥоруу, геодезия уонна картография үлэһитин күнэ.
- АХШ — Джордж Вашингтон төрөөбүт күнэ.
- Япония — Куоска күнэ.
Түбэлтэлэр
- 1653 — Арассыыйаҕа Никон патриарх сыаркап реформатын саҕалаабыт.
- 1828 — Арассыыйа уонна Персия ыккардыларыгар Туркманчай эйэ дуогабара түһэрсиллибит. Арассыыйа-Персия сэриилэрэ манан бүппүттэр.
- 1921 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа Госплан тэриллибит — норуот хаһаайыстыбатын сайдыытын былаанныыр уорган.
- 1925 — Монголияҕа харчы реформатын ыытыы туһунан уураахха «төгрөг» (төгүрүк, тугрик) диэн ааттаах национальнай валюта киллэриллибит.
- 1946 — Саха АССР Совнаркома сэрии кэмигэр хоту көһөрүллүбүт Чурапчы олохтоохторун Эдьигээнтэн дойдуларыгар төнүннэрэргэ диэн уураах ылыммыт.
- 1946 — Америка микробиолога Зельман Ваксман стрептомицин диэн антибиотигы арыйбыт. Бу пенициллин кэнниттэн арыллыбыт иккис антибиотик сэллиги (туберкулёз) уонна чуманы эмтииргэ туһалаах буолбут. Зельман Ваксман стрептомицини арыйбытын иһин 1952 сыллааҕы физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтин ылбыта.
- 1980 — Мууска буолбут дьикти: Лейк-Плэсидкэ Кыһыҥҥы Олимпия оонньууларыгар АХШ хоккейга хамаандата ССРС хамаандатын 4–3 ахсаанынан соһуччу кыайбыт.
- 1992 — Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин конституцията ылыныллыбыт.
- 2014 — Украина Үрдүкү Раадата 328-0 куоластааһынынан дойду бэрэсидьиэнин Виктор Януковиһы солотуттан устубут. Евромайдан сүрүн сыала ситиһиллибит.
Төрөөбүттэр
- 1732 — Джордж Вашингтон — Америка Холбоһуктаах Штаттарын бастакы бэрэсидьиэнэ (1789—1797 сылларга), Америка тутулуга суох буолуу сэриитин бириэмэтигэр үрдүкү байыаннай хамандыыр уонна Америка Холбоһуктаах Штааттарын «олохтообут аҕалартан» биирдэстэрэ.
- 1788 — Артур Шопенгауэр — ньиэмэс бөлүһүөгэ.
- 1904 — Тарас Местников (04.10.1957 өлб.) — артыыс, ырыаһыт, драматург, Саха АССР норуодунай артыыһа. Саха тыйаатырын 1930-40-с сс. уонна 1955-57 сс. дириэктэрэ. 1948—1955 сс. Ньурба уонна Нуучча тыйаатырдарын дириэктэрэ, Саха араадьыйатыгар муусука эрэдээксийэтин эппиэттээх эрэдээктэрэ.
- 1914 — Федот Сафронов — Азия хотугулуу-илин эҥээрин чинчийээччитэ, учуонай, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
- 1921 — Петр Яковлев — 16 сыл учууталлаан баран биллиилээх ыанньыксыт буолбут киһи, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1976), Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Петр Яковлев Саха Сирин усулуобуйатыгар биир бастакынан үрдүк көрдөрүүлэри — сылга 5,5 тыһ киилэ үүт ыаныытын ситиспит.
- 1932 — Владимир Шапошников — Намнааҕы педучилище бастакы дириэктэрэ (1963-1965), тылбаасчыт.
- 1983 — Дмитрий Давыдов — Саха сирин киинэ режиссера. Биллибит киинэлэрэ — «Тыалга кытыастар кутаа» (нууч. Костер на ветру) (2016), «Нет бога кроме меня» (2019), «Пугало» (2020). «Пугало» диэн хартыыната 2020 сыллаахха Кинотавр киинэ бэстибээлигэр «Бастыҥ киинэ» буолбута.
Өлбүттэр
- 1913 — Фердинанд де Соссюр — Швейцария тыл үөрэхтээҕэ, Женева лингвистикаҕа оскуолатын саҕалааһыныгар семиология уонна структурнай лингвистика төрүттэрин укпут киһи. Фердинанд де Соссюру XX үйэтээҕи лингвистика «аҕатынан» ааттыыллар.
- 1921 — Сэмэн Барашков — атыыһыт, меценат, көмүс хостуур бириискэлэри аһылыгынан хааччыйан байбыт киһи.
- 1974 — Иван Редников — 1956-1960 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэстээтэлин солбуйааччы, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, Аан дойду иккис сэриитин кыттыылааҕа, полковник.
- 1984 — Дмитрий Коркин (05.09.1928 төр.) — Саха сиригэр тустуу сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит, үс олимпиеһы бэлэмнээн таһаарбыт тренер. 1985 сылтан ыла кини аатынан дойдулар ыккардыларынааҕы таһымнаах турнир ыытыллар.
- 1987 — Энди Уорхол — XX үйэ иккис аҥарыгар ордук биллэр Америка худуоһунньуга.
- 1988 — Марфа Куличкина — саха бэйиэтэ.