15 Балаҕан ыйа 15.09
  • $ 90,93
  • 100,8

Олунньу 2 күнэ. Бадарааннаах сирдэр аан дойдутааҕы күннэрэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 02 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйаҕа аан дойду суолталаах 35 харыстанар бадараан сирдэр бааллар.

1771 сыллаахха Үөһээ Бүлүү 24 саха буоластарын уонна тоҥус кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттар.

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, лётчик Валерий Чкалов, бөдөҥ сэбиэскэй учуонай, геолог Николай Черскэй, кырсаны бултааһыҥҥа бүтүн Сойуус рекордун олохтообут саха чулуу булчута Николай Колесов, Колумбия ырыаһыа, үҥкүүһүтэ Шакира төрөөбүттэр.


Бэлиэ күннэр:

  • Аан дойдутааҕы бадарааннаах сирдэр күннэрэ. 1971 сыл олунньу 2 күнүгэр Рамсар куоракка (Ираан) көтөрдөр үөскүүр бадарааннаах сирдэрин харыстыыр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт. Сэбиэскэй Сойуус онно 1977 сыллаахха кыттыспыт. Билигин Арассыыйаҕа аан дойду суолталаах 35 харыстанар бадараан сирдэр бааллар.
  • Азербайдьан — Ыччат күнэ
  • АХШ, Канаада — Таарбаҕан күнэ
  • Арассыыйа — Арассыыйа байыаннай килбиэнин күнэ — Сталинградтааҕы кыргыһыыга Кыһыл Аармыйа ньиэмэс-фашист сэриилэрин үлтүрүппүт күнэ (1943).
  • Эстония — Чүмэчилэр күннэрэ
  • Эстония — Тартутааҕы дуогабар түһэрсиллибит күнэ (1920)
  • Пилипиин — Конституция күнэ

Түбэлтэлэр:

  • 1238 — Бату хаан Москубаны урусхаллаабыт. Монголлар бу куораты Русьтан түһээн хомуйар киин оҥорбуттара.
  • 1386 — Литва Улуу кинээһэ Ягайло Польша хоруолунан талыллыбыт. Кини оннугар Литва Улуу кинээһинэн аймаҕа Витовт буолбута. Кэлин Ягайло уонна Витовт күүстэрин түмэн үйэлээх өстөөхтөрүн Тевтонскай орден рыцардарын кыайбыттара.
  • 1535 — Испания конкистадора Педро де Мендоса Буэнос-Айрес куоратын төрүттээбит. Буэнос-Айрес — Аргентина билиҥҥи киинэ, Соҕуруу Америка саамай улахан пуорда.
  • 1709 — Мас-о-Тьерра диэн арыыттан Александр Селькирк диэн киһини быыһаабыттар — бу киһи Робинзон Крузо прототииба буолбут. Арыыга түөрт сылтан ордук олорбут.
  • 1771 — Үөһээ Бүлүү 24 саха буоластарын уонна тоҥус кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттар.
  • 1848 — АХШ уонна Мексика эйэлээх дуогабарга илии баттаабыттар. 1846—1848 сыллааҕы сэрии түмүгэр Мексика хотторон ТехасНью МексикоҮөһээ Калифорния сирдэрин биэрбит.
  • 1920 — Орто Азияҕа Кыһыл Аармыйа Арассыыйа импиэрийэтин вассала буола сылдьыбыт Хива ханлыгын ликвидациялаабыт.
  • 1920 — РСФСР уонна Эстония сэриитэ Тартутааҕы эйэ дуогабарынан түмүктэммит. Эстония тутулуга суох буолбут.
  • 1923 — Полковник Рейнгард баһылыктаах пепеляевецтар офицерскай батальоннара соһуччу саба түһэн Амма солобуодатын ылбыт. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 20 киһи өлбүт, 32 киһи бааһырбыт, кыһыллартан 3 киһи өлбүт, 49 киһи билиэҥҥэ түбэспит. Бу буолуон 4 күн иннинэ Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амматтан Уус-Майа диэки үрүҥнэргэ утары айаннаабыт эбит.
  • 2009 — Зимбабвеҕа деноминация ааспыт, курса — 1 000 000 000 000 : 1 (1 триллион : 1). 2006-2009 сылларга бу курдук үс деноминация буолбута, онтон Зимбабве доллара эһиллибитэ.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар