15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Олунньу 18 күнэ. Америка астронома Клайд Томбо Плутону булбут - Бикипиэдьийэ

09:01, 18 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) уурааҕынан Саха суругун-бичигин сүбэтэ үөскээбит. Сүбэ билимҥэ олоҕуран сахалыы транскрипцияны оҥоруунан дьарыктаммыт.

САССР Совнаркома тыа хаһаайыстыбаны механизациялыыр туһунан уураах ылбыт.

САССР Миниистирдэрин сэбиэтэ эбээн орфографиятын тупсарыллыбыт быраабылатын бигэргэппит. 

Бу күн суруналыыс, 50 сыл устата «Бэлэм буол» хаһыат тутаах эрэдээктэрэ Нина Протопопова, Ньурба норуодунай тыйаатырын уонна Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа Мария Николаева төрөөбүттэр.


Түбэлтэлэр:

  • 1904 — «Романовка» саҕаланыыта — 42 политическэй сыылынай Дьокуускайга икки этээстээх мас дьиэҕэ хатанан баран былааска көскө ыытыллыбыт дьон усулуобуйаларын тупсарыыны ирдиир ультиматум түһэрбиттэр. Кулун тутар ый саҕаланыытыгар бырачыастааччылар 57 буолбуттар (ол иһигэр сэттэ дьахтар). 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт. Кулун тутар 7 күнүгэр бэриммиттэр. Бу түбэлтэ аан дойдуга иһиллибитэ.
  • 1924 — Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) уурааҕынан Саха суругун-бичигин сүбэтэ үөскээбит. Сүбэ билимҥэ олоҕуран сахалыы транскрипцияны оҥоруунан дьарыктаммыт. Бэрэстээтэл — Исидор Барахов, сэкирэтээр — Алексей Бояров. Биир сылынан бу сүбэ ууратыллыбыт, кини аналлаах үлэтэ «Саха кэскилэ» уопсастыба тыл үөрэҕин сиэксийэтигэр көспүт.
  • 1930 — Америка астронома Клайд Томбо Плутону булбут.
  • 1931 — Саха АССР Совнаркома тыа хаһаайыстыбаны механизациялыыр туһунан уураах ылбыт.
  • 1932 — Дьоппуон импиэрийэтэ хотугулуу-илин Кытайга Маньчжоу-го диэн судаарыстыба тэрийбит. Дойду баһылыгынан Кытай бүтэһик импэрээтэрин, маньчжур династиятын киһитин Пу Ини олордубуттар.
  • 1946 — Бомбей хомотугар Хоруол Ииндийэтээҕи флотун моряктара өрө турбуттар. Сотору кэминэн өрө туруу Британия Ииндийэтин атын сирдэринэн тарҕаммыта.
  • 1980 — Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтэ эбээн орфографиятын тупсарыллыбыт быраабылатын бигэргэппит (бу иннинээҕи эбээн алпабыыта 1979 сыллаахха ылыныллыбыт эбит).

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1294 — Хубилай — Моҕуол импиэрийэтин Улуу хаана, Чыҥыс Хаан сиэнэ (Бөртөттөн кыра уолун Толуй уола). Бу хаан саҕана Моҕуол импиэрийэтэ муҥутуур улаата сылдьыбыта.
  • 1405 — Тамерлан (Тимур) — Орто Азия сэрииһитэ, Орто Азия, Соҕуруу Азия, Арҕаа Азия дьылҕаларыгар улахан оруолу оонньообут, ил олохтообут киһи.
  • 1546 — Мартин Лютер — ниэмэс христианство манааҕа уонна теолога (итэҕэли үөрэтээччи). Кинини Протестааннар Реформацияларын саҕалаабыт киһинэн ааҕаллар. Ол түмүгэр протестант сыаркаптара Рим Католик сыаркаптарыттан арахсыбыттара. Кини протестааннар бастакы сыаркаптарын — Лютеран таҥара дьиэтин олохтообута.
  • 1564 — Микеландьело — Италия уруhуйдьута, скульптора, архитектора, бэйиэтэ уонна инженерэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова