16 Балаҕан ыйа 16.09
  • 10°
  • $ 90,93
  • 100,8

Олунньу 14 күнэ. Кинигэ бэлэхтэһии күнэ - Бикипиэдьийэ

09:06, 14 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тапталлаахтар күннэрэ. 

Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуун» поэматын бүтэрбит.

Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.

YouTube видеохостинг төрүттэммит.


Бэлиэ күннэр:
  • Тапталлаахтар күннэрэ
  • Кинигэ бэлэхтэһии дойдулар ардыларынааҕы күнэ

Түбэлтэлэр:

  • 286 — «Көмүс номоххо» этиллэринэн, бу күн быраас уонна аҕабыыт Валентин өлөрүллэргэ ууруллубут. Кини буруйа диэн Рим импэрээтэрин дьаһалынан ыал буолуо суохтаах саллааттары кистэлэҥинэн бэргэһэлиир эбит.
  • 1918 — Арассыыйа Григориан халандаарыгар көспүт. Тохсунньу 31 күнүн кэнниттэн олунньу 14 күнэ буолбут.
  • 1924 — Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуун» поэматын бүтэрбит.
  • 1939 — Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.
  • 1946 — Америкаҕа Пенсильвания университетыгар бастакы электроннай көмпүүтэр ENIAC (Electronic Numerical Integrator and Computer) көрдөрүллүбүт.
  • 2001 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын «Сахалыы таба суруйуу сиэрин туһунан» 83 №-дээх уурааҕа тахсыбыт. Онтон 2015 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи бырабыыталыстыба 501 №-дээх уурааҕынан саҥа таба суруйуу сиэрэ тахсыбыта.
  • 2005 — YouTube видеохостинг төрүттэммит.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА