«Платон» тарыыбын индексациялааһын 2015 сыл сэтинньи 15 күнүттэн 2020 сыл ахсынньытын киллэрэн туран, сыана уларыйыытыгар олоҕуран ыытыллар.
Федеральнайдааҕы трассананан улахан уйуктаах техника айаннааһынын сыаната 14 харчынан эбиллиэҕэ, ол эбэтэр биир километр иһин төлөбүр 2,34 солк тэҥнэһиэҕэ. Үп федеральнай таһымнаах суолу өрөмүөннээһиҥҥэ туттуллар.
«Платон» систиэмэ чэрчитинэн төлөбүр суумата эрдэ 2,2 солк биир километрга тэҥэ.