22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Олохтоох каадырдары промышленноска" бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үлэнэн хааччыйар

12:08, 27 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Олохтоох каадырдары промышленноска» бырайыак 2020-2021 сылларга Чайыҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сиригэр 800 өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун үлэнэн хааччыйыа. Бу туһунан ТАССка нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр.


«Олохтоох каадырдары промышленноска» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн «ГазАртСтрой» уонна «Стройтрансгаз Трубопроводстрой» ХЭТтары кытары түһэрсиллибит сөбүлэҥ быһыытынан, 2020-2021 сылларга Чайыҥдаҕатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сиргэ 800 олохтоох дьон үлэнэн хааччыллыахтаах. Итинтэн сезонунан уонна вахтанан үлэҕэ 610 киһи, ону таһынан устудьуоннар производственнай быраактыкаларын, исписэлиистэр стажировкаларын барыахтара диэн, биэдэмистибэ улэһитэ иһитиннэрэр.

Быйылгы дьылга барыта 270 киһи үлэнэн хааччыллара былааннанар. 59 бастакы үлэһит үлэлиир сиригэр көттө.

Аныгыскы 80 киһилээх бөлөх балаҕан ыйын саҥатыгар барара былааннанар диэн, испэсэлиис эбэн этэр.

«Олохтоох каадырдары промышленноска» бырайыак 2017 сылтан үлэлиир. 2019 сылга 8 тыһыынчаттан тахса, ол иһигэр 30-гар диэри саастаах үс тыһыынча киһи үлэнэн хааччыллыбыта.      

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА