22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарын Саха сирин парламеныгар быһаарыстылар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Об общих принципах организации местного самоуправления в единой системе публичной власти» сокуону көрүүнү 2025 сылга көһөрдүлэр. РФ-га баар 170-тан тахса сокуоҥҥа уонна 60-тан тахса регион таһымнаах сокуоҥҥа  уларытыыны киллэрии күүтүллэр, диэтэ Ил Түмэҥҥэ олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев.

«Мунньахха куруук саамай көдьүүстээх боппуруостар дьүүллэһиллэллэр. Бүгүн сэттэ боппуруоһу көрдүбүт, ол иһигэр муниципальнай тэриллиилэри үбүнэн хааччыйыы, үөрэх, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйөбүл. Олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийиигэ федеральнайдааҕы сокуон барылын көрүүнү 2025 сылга көһөрдүбүт. Ил Түмэн өссө 2022 сыллаахха көннөрүүлэри киллэрэр туһунан этии оҥорбута. Көннөрүүлэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийиигэ субъектар оруолларын күүһүрдэргэ хайысхалааҕа. Сокуон ылылыннаҕына сөптөөх үлэ ыытыллыаҕа. РФ-га баар 170-тан тахса сокуоҥҥа уонна 60-тан тахса регион таһымнаах сокуоҥҥа  уларытыыны киллэрии күүтүллэр», — диэтэ Владимир Прокопьев.

«Об общих принципах организации местного самоуправления в единой системе публичной власти» сокуон барылын ааптардара сенатор Андрей Клишас уонна Госдуума депутата Павел Крашенинников. Сиһилии манна аах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА