Үөһээ Бүлүү Түгэхтэйигэр Олоҥхо ыһыаҕын арыллыыта буолла. Саха сирин сүрүн бырааһынньыга бэс ыйын 20 — 21 күннэригэр ыытыллар, 100-тэн тахса тэрээһин толоруллар.
Түгэхтэй алааһыгар Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытын көрөөрү элбэх киһи тоҕуоруста. Киирэр аартыкка арчылаан, алгыстаан көрүстүлэр.
Тэрээһин Олоҥхо ыһыаҕа-2022 өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Индиана Феофанова уонна Альбина Филиппова-Сыралыма тылларыгар сурулунна. Салгыы олоҥхоһут Кирилл Никифоров алгыстаата. Алгысчыттар Трофим Миронов, Василий Игнатьев уонна Андрей Алексеев ыраастаныы сиэрин-туомун толордулар, кымыс иһиитэ буолла.
Салгыы көрөөччүлэри Руслан Тараховскай режиссердаабыт «Кыйаар. Төрүт норуоттар дойдулара» туруоруу сөхтөрдө.
Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Тумэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Госдума депутата Сергей Миронов, Ил Түмэн депутата Александр Жирков, Госдума депутата Федот Тумусов, вице-премьер Сергей Местников, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин уонна да атын ыҥырыылаах ыалдьыттар бааллар.
«Биһиги бүгүн төрүттэрбит култуураларыгар сүгүрүйэбит. Биһиги Олоҥхобут, Оһуохайбыт, Ыһыахпыт аан дойдуга биллэр. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттарбытыгар махатанабын. Бу аата саха култуурата уонна Олоҥхо ыһыаҕа аан дойду дьонун холбуур, сомоҕолуур. Сөптөөх философия, тоҕо диэтэххэ Олоҥхо ыһыаҕа ытык эпоска ананар, бу хараҥа тыыны сырдык кыайарын көрдөрөр«, — диэтэ Ил Дархан.
Оһуохай түһүлгэтэ тэрилиннэ.