Ыстатыйаҕа түүр норуоттарын героическай эпостарыгар көстөр дьахталлар бухатыыр сырыытыгар быһаарар оруоллаахтарын тэҥнээһин киирдэ. Төһө да уруулуубут иннигэр саха олоҥхото казах уонна киргиз эпостарыттан уратылаахтар. Дьахталлар дьүһүлгэннэригэр, толорор функцияларыгар майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрин ырытыы үлэ сүрүн сыала буолар.
Павлова Пелагея Дмитриевна, ХИФУ литэрэтиирэҕэ маҕыыстыра, Нам улууhун Хатыҥ Арыы орто оскуолатын учуутала.
Билим салайааччыта: Егорова Саргылаана Ивановна, тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын дассыана
Казахтары уонна киргизтэри кытта сахалар биир төрүттээхпит. Түүр омуктарын бөлөхтөрүгэр киирсэбит. Онон норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүңнэрэ, чуолаан, героическай эпостарбыт майгыннаһаллар. Ол эрэн, саха норуота түүр омуктарыттан эрдэ арахсыбыппыт уонна кинилэртэн ыраах атын сиргэ олохсуйбуппут түмүгэр, героическай эпостарбытыгар кэккэ уратылаһар өрүттэр бааллар. Ол – айымньылар айыллыбыт кэмнэригэр, олоңхо бухатыырыттан ураты атын бухатыырдар дьиңнээх олоро сылдьыбыт дьон буолалларыгар, олоңхоттон атыттарга кэпсэнэр быһыы-майгы ханнык эрэ историческай кэми көрдөрөрүгэр, ис хоһоонноругар уонна сюжеттарыгар көстөр.
Охсуһуу төрүөтэ буолар дьахталлар уобарастара. Олоңхоҕо дьахтар норуот олоҕор ылар суолтата олус дьэңкэтик көстөр. Атын омуктартан уратыбыт диэн – кыыһы, дьахтары таңара оңостуу [7, с.16]. Ол курдук, «Кыыс Дэбилийэ» олоңхо төрүөтүнэн саха омук «саарбаҕа суулаабыт, киискэ кистээбит» ыра санаатын, күндү көңүлүн, үтүө олоҕун бэлиэтэ буолбут (символын) Хаанчылаан Куону уоруу буолар [2, с.21]. Бу, хайа да олоңхоҕо буоларын курдук, бухатыыр охсуһуу суолугар турунуутун төрүөтэ буолар. Чугдаан Бухатыыр аана суох алдьархайы, иэнэ суох иэдээни тохтотоору мүччүргэннээх сырыыга турунар да, соҕотоҕун бу абааһы адьарайдарын кыайар-хотор кыаҕа суох буолан, «кыырпах сыстыбатах Кыыда маңан халлаан үрүт кырыытыгар үөскээбит» үөһэттэн айыллыбыт үтүө төрүттээх Кыыс Дэбилийэ бухатыыртан көмө көрдөһөр. Араллааннаах охсуһуу саҕаланар. Казах да, киргиз да омугар дьахтары таңара курдук көрбөтөллөр да, ис дьиңэр, бу норуоттар олохторугар дьахтар эмиэ кырата суох суолталаах. Кобланды-Батыр» казах героическай эпоһыгар Кобланды-Батыр кэргэнэ Кортка, Коктым-хан көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх кыыһа, бухатыыр иккис улахан сэриитин төрүөтэ буолар. Кортканы уонна Кобланды ийэлээх аҕатын, балтын кызылбаштар тутан хаайаллар, Кортканы өстөөх баһылыга күүһүнэн ойох оңостоору бэлэмнэнэр. Маны билэн, Кобланды-Батыр омуннаахтык уордайар уонна кыргыһыыга аттанар.
Кобланды-Батыр биир хаан тохтуулаах охсуһуутун төрдүнэн кызылбаштар аҕа баһылыктарын Кобикта-хан мааны, атаах кыыһа Карлыга буолар. Ол кыыс Кобланды-Батырга сүрэҕин туттаран таптаабытыттан саҕаланар.
«Манас» героическай эпоска Каныкейтан сылтаан, Манас быстах быһыылана сыспытын, хата, муударай Бакай көннөрөр. Манас өбүгэ үгэһин тутуспакка кыыска сиэрэ суохтук сыһыаннаспытыгар Каныкей киниэхэ тымныытык хардарар, өссө бухатыыры бааһырдар. Онуоха Манас кыһыытыттан-абатыттан Талас куоракка саба түһэн, кыыс дьонун-сэргэтин уонна ийэлээх аҕатын кэһэттэрэргэ сэрииһиттэригэр бирикээстиир. Улахан айдаан тахсыахтааҕа кэмигэр Бакай булугас өйүнэн тохтотуллар [8, с. 5].
Бары да үтүө төрүттээх-уустаах кыргыттар: Хаанчылаан Куо – орто дойду аҕа баһылыга Адьына Баай Тойон уонна иэримэ дьиэ ийэ хотуна Эдьинэ Баай Хотун көрдөр харахтарын дьүккэтэ, көтүрдэр тиистэрин миилэтэ, Кортка – Коктым Аймак ханын суос-соҕотох маанылаах кыыһа, Карлыга – кызылбаштар аҕа баһылыктарын Кобикта-хан атаах кыыһа, Каныкей – үтүө ааттаах-суоллаах аймах мааны кыыһа. Кэрэ сэбэрэлээх, кыраһыабай дьүһүннээх кыргыттар бухатыыр кэргэнэ, эрэллээх доҕоро буолар аналлаахтар.
Бухатыыры кыргыһыыга атаарар дьахтар оруола. Орто туруу бараан дойду үтүө көңүлүн, кэтит кэскилин, дьолун-соргутун туһугар туруулаһар күүстээх-уохтаах бухатыырдары алгыс тылынан ийэлэрэ, балыстара уонна кэргэттэрэ ыраах айаңңа атаараллар.
«Кыыс Дэбилийэ» олоңхоҕо Чугдаан Бухатыыр балтын Хаанчылаан Куону ир суолун ирдэһэ барарыгар ийэлээх аҕата ытаан-соңоон, алгыс тылын анаан атаараллар. Олоңхоҕо кыргыһыыга аттанаары турар бухатыыр ийэ-аҕа алгыһын ылыыта – сиэрдээх быһыы.
«Кобланды-Батырга» бухатыыры кыргыһыыга бэлэмнээн уонна үтүө тылын тиэрдэн атаарааччы кэргэнэ Кортка уонна кырдьаҕас ийэлээх аҕата, Кобландылыын бииргэ күн сырдыгын көрбүт, бииргэ төрөөбүт балта буолаллар. Кэргэнэ Кортка Кобланды ыраах айанныырыгар анаан, харса-хабыра суох, хорсун-хоодуот сырыылаах Тайбурыл диэн бухатыыр атын иитэн бэлэхтиир. Кобланды эдэр бухатыыр Караман тылыгар киирэн, дьиңэ, улахан суолтата суох айаҥҥа туруммутун төрүт сөбүлээбэт, кини барбытын кэннэ дьиңнээх өстөөхтөрө саба түһүөхтэрин, Кортканы бэйэтин уонна Кобланды төрөппүттэрин, балтын Карлыгаһы тутан кулут, онтон сирин-уотун күл-көмөр оңоруохтарын туһунан сэрэтэр. Кобланды айаңңа туруммутун хайдах да тохтотуо суоҕун өйдөөн, бу сэриигэ баран, этэңңэ эргиллэн кэлэн, кинилэри быыһыырыгар баҕарар. Ийэтэ Аналык, балта Карлыгаш тапталлаах Кобландыларын атаараллар. Кинилэр бухатыыр өлөр-тиллэр охсуһуутуттан тыыннаах эргиллэригэр баҕараллар уонна Кобланды тыына быһыннаҕына, тэңңэ өлүөхтэрин этэллэр.
Киргиз «Манаһыгар» ийэтэ Чийырда, бэрт ыллыктаах эмээхсин, уолун алгыс тылынан уонна кэргэнэ Каныкей, Манаска сырыыны кыайар аттары иитэн биэрэн, эрэх-турах сананан атаараллар.
Ийэ, кэргэн, балыс бухатыыр чугас уонна күндү дьоно бухатыыры уһун айаңңа, кырыктаах кыргыһыыга алгыс тылынан атаараллар. Алгыс тылын ылбыт бухатыыр сырыыта табыллар, кыайар-хотор диэн өйдөбүл баар. Дьахталлар тапталлаах киһилэригэр ис сүрэхтэриттэн этэңңэ буолууну, кыайыыны-хотууну баҕарбыттара, бухатыырга эрэли, дьулууру, олоххо тапталы күүһүрдэр, өстөөххө өһүллүбэт өһүөнү үөскэтэн, кыахтарыгар кыах, күүстэригэр күүс эбиллэр. Маны таһынан, сорох бухатыырга, ыраах айаҥҥа туруннахтарына, кэргэттэрэ эрэллээх аттары иитэн бэлэхтииллэр. Бу күүстээх-уохтаах, сылайбат сындааһыннаах аттар бухатыыр өлөр-хаалар күнүгэр хаһаайыттарын быыһыыллар-абырыыллар.
Бухатыыр сырыытыгар күүс—көмө буолар дьахталлар функциялара. Саха, казах уонна киргиз героическай эпостарыгар бухатыырдар мүччүргэннээх сырыыларыгар күүс-көмө буолар дьахталлартан бухатыыр-кыргыттар биллэр-көстөр миэстэни ылаллар. Бухатыыр кыргыттар саха олоңхотугар уонна казах эпоһыгар көстөллөр. Кыыс Дэбилийэ үс дойдулаах саха олоңхотун сүрүн дьүһүлгэнэ буолан, үөһэттэн анаан айыллыбыт бухатыыр.
Карлыга бухатыыр быһыытынан, мүччүргэннээх сырыылара Кобланды-Батырга сүрэҕин туттаран таптаабытыттан саҕаланаллар. Карлыга Кобланды-Батыр үтүө сэбэрэтин, модьу быһыытын-таһаатын сөҕө көрөөт, кутун туттарар. Аҕатын кыр өстөөҕө буоларын өйдүүр, эрээри тапталыттан аккаастаммат. Кыыс Дэбилийэ буулаҕа бухатыыр буолара тас көрүңэр баар: «күүстээх көрүңнээх, модьуга моссуоннаах, быһыйга быһыылаах». Ол да иһин бары толло уонна салла көрөллөр. Дьахтар быһыытынан нарынын, уйанын кистэнэр. Карлыга, омос көрүүгэ, намчы. Күүһүн-уоҕун кимиэхэ да көрдөрбөт. Кэрэ сэбэрэлээх, кырасыабай дьүһүннээх кыргыттар улаханнык сананан, үрдүктүк туттан үөскээбиттэрэ биллэр. Бэйэлэрин сэнэппэттэр уонна атаҕастаппаттар.
Кыыс бухатыырдар күтүр күүстэрэ-уохтара мүччүргэннээх сырыыларга көстөр. Бухатыырдары сабырыйар модун кыахтаахтар. Кыыс Дэбилийэ Чугдаан Бухатыыр көрдөһүүтүнэн айыы аймаҕын туһугар охсуһуулаах суолга турунар. Карлыга, Кобланды-Батыр кини көмөтүгэр соччо баҕарбатар да, бэйэтин төрөөбүт норуотун утары кырыктаах кыргыһыыга киирсэр. Бухатыыр кыргыттар кэннинэн кэхтибэт күүстэрэ, кырыктаах майгылара охсуһуу кэмигэр ордук арыллар. Бухатыырдар мөлтөөбүт-ахсаабыт кэмнэригэр, бүдүрүйэр түгэннэригэр күн-ый буолаллар.
Кыыс Дэбилийэ олоңхо сүрүн дьүһүлгэнэ буоларынан, баһылыыр-көһүлүүр миэстэни ылар. Карлыга – «Кобланды-Батыр» эпоска, дьиңэ, ойођос дьүһүлгэн, кыргыһыы саҕаламмытыгар эрэ бухатыыр буолара биллэр. Ол эрээри Кобланды-Батыр мүччүргэннээх сырыыларыгар арахсыспат аргыс, сюжет эргийэр киинэ буолар. Бу кыргыттар майгыларыгар-сигилилэригэр, чуолаан, биир харахха быраҕыллар уратылаһыылара – киһи сөҕүөн курдук, Кыыс Дэбилийэ кыраттан кыыһырар-тымтар кырыктаах-уордаах аатырар этэ да, биир да киһи тыыныгар турбат. Онон, Кыыс Дэбилийэ бухатыыр – сиэр-майгы өттүнэн ыраас, кыыс оҕо кылааннааҕа.
Киниэхэ тэңнээтэххэ, Карлыга өстөөхтөрүн эрэ буолбакка, бэл диэтэр, аҕалаах убайын тыыннарын быһар. Кыргыс кэмин кытаанах сокуонугар иитиллибит Карлыга тыйыс хааннаах. Кыыс Дэбилийэ бухатыыр олоңхо түмүгэр бар дьонун алгыһын ылан, салгыы айыы дьонун араңаччылыырга айыллыбыт аналын толоро барар. Ыал буолар, кэскил тэринэр туһунан санаабат. Түң былыргы олоңхолорго кэргэн тахсыан баҕарбат бухатыыр кыргыттар туһунан мифологическай матыыптар киэңник тарҕаммыт эбиттэр [2, с.21]. Оттон Карлыга баҕаран-баҕаран, күүтэн-күүтэн таптыыр киһитигэр Кобланды-Батырга иккис кэргэн буолар. Карлыга Кобланды-Баатыр бастакы кэргэнинээн Корткалыын доҕордоһон, иллээхтик олорбуттара диэнинэн айымньы түмүктэнэр.
Булгуруйбат санаалаах бухатыыр кыргыттар, Кыыс Дэбилийэ уонна Карлыга, эр киһи бухатыырдар мөлтүүр-ахсыыр кэмнэригэр өй угааччы, тыын салҕааччы буолаллар. Кинилэр сүрүн аналлара итиниэхэ сытар.
Казах эпоһыгар Кортка Кобландыга кыргыһыыга киирсэр, тэңнээх доҕор буолар аты булан, 40 хонук устата бүөбэйдээн иитэр. Ааттаах аты ииппитин иһин Кобланды Корткаҕа муңура суох махтанар. Кортка бэрт өйдөөх, муударай дьахтар. Ол иһин Кобланды кэлин кини тылыттан тахсыбат буолар. Кини үтүө сүбэтинэн бэйэтин норуотун, чугас дьонун өстөөхтөрүттэн быыһыыр.
Манас Каныкейа – кэргэнин араңаччыһыта, үтүө сүбэһитэ, эрэллээх доҕоро. Манас аймахтара кезкаманнар киниттэн бэрт былдьаһан, күүстээх дьаат иһэрдэн улаханнык сүһүрдэллэр. Онуоха муударай Каныкей эмтээн үтүөрдэр. Кэргэнэ суоҕар Манас оннугар норуотун, дьонун-сэргэтин дьаһайан, иилээн-саҕалаан олорор. Киниттэн итэҕэһэ суох салайар, аҕа баһылыктарын суохтаппат. Манас уонна атын бухатыырдар миинэр миңэлэрин кини иитэн, көрөн-харайан биэрэр. Уруулуу норуоттар героическай эпостарын бухатыырдара норуоттарын көмүскүүр, араңаччылыыр өлөр-тиллэр охсуһууларыгар дьахталлар быһаарар оруоллаахтар. Быһаарыылаах түгэн тирээтэҕинэ, олох ыарахаттарын, кытаанах охсууларын бэйэтин нарын санныгар уйар күүһү-уоҕу да булуналларын итэҕэйэбит [7, с.7].
Саха «Кыыс Дэбилийэ», казах «Кобланды-Батыр» уонна киргиз «Манас» героическай эпостарыгар бухатыыр сырыытыгар дьахтар быһаарар оруоллаах. Төһө да уруулуубут иннигэр, омук быһыытынан уратылаахпыт уобарастар олоҕу көрүүлэригэр, киһиэхэ сыһыаннарыгар көстөр. Былыр-былыргыттан дьахтар олох эрэйин-кыһалҕатын эр киһини кытта тэбис-тэңңэ үллэстэн, биир олоҕу олорор. Ол иһин бухатыыр мөлтүүр-ахсыыр кэмнэригэр кини өй угааччы, тыын салҕааччы уонна эрэллээх доҕор буолар.
Литэрэтиирэ:
- Емельянов Н.В. Сюжеты якутских олонхо. – М: Наука, 1980. – 375 с.
- Емельянов Н.В., Петров В.Т. Якутский героический эпос «Кыыс Дэбилийэ». Новосибирск:»Наука», 1993. – С.9-25.
- Героический эпос народов СССР. Лениздат. 1979. – 752 с.
- Илларионов В.В.. Искусство якутских олонхосутов. Якутск, 1982. – 123 с.
- Петров В.Т.. Взаимодействие традиций в младописьменных литературах. Изд. «Наука», 1987.
- Попова М.А.. Саха литературатыгар тирэх өйдөбүллэр (Учууталга көмө). ИПКРО, 2001. – 103 с.
- Ѳйтөн суруйуу кистэлэңэ-2 (Yчүгэй өйтөн суруйууну хайдах суруйуохха). Дьокуускай, 2002. – 60 с.
- Юнусалиев Б.М. Киргизский героический эпос «Манас».