22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Олоҥхо күнүгэр олоҥхоһуттар бириэмийэлэрин бастакы стипендиаттара ааттаныахтара

13:27, 27 сентября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Айсен Николаев «Быһа эфир» кэмигэр Олоҥхо дьиэтин ситимин уонна олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары, уустары өйүүр дьаһаллар тустарынан ыйаах туолуутун кэпсээтэ. Бастакы стипендиаттар ааттара сэтинньи 25 күнүгэр — Олоҥхо күнүгэр — биллиэҕэ, суруйар СИА.

«Хамыыһыйа үлэ саҕаланна, онон сэтинньи 25 күнүгэр — Олоҥхо күнүгэр — бириэмийэ бастакы стипендиаттарын биллэриэхпит. Кыайыылаахтар сыл устата ыйын аайы 30-туу тыһыынча солк ылыахтара. Маннык үгэс сылын аайы ыытыллыаҕа. Бу сыалга бюджекка 8 мөл солк кэриҥэ харчы көрүллэр», — диэтэ Айсен Николаев.

30 тыһ солк бириэмийэни өрөспүүбүлүкэ суолталаах куонкурустарга кыайбыт, призердаабыт олоҥхоһуттар, Саха сирин норуоттарын ууска искусствотын илдьэ сылдьааччылар ылыахтара. Барыта 21 бириэмийэ олохтонор. Маны сэргэ регион баһылыгын сорудаҕынан, бырабыыталыстыба Олоҥхо дьиэлэрин материальнай-техническай өрүттэрин өйүүргэ 50 мөл солк кэриҥэ сууманы көрөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА