22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ойуурга кэһиилэри оҥорон Саха сирин олохтоохторо мөлүйүөн кэриҥэ солк ыстырааптаннылар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр ойуурга кэһиилэр иһин 66 Саха сирин олохтооҕо ыстырааптанна. Уопсай суума мөлүйүөн солк кэриҥэ. Баһаар тахсар кутталын сезона олохтонуоҕуттан өрөспүүбүлүкэҕэ 800 профилактическай рейдэ оҥоһулунна, ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата суруйар.

28 киһи Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Ньурба оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга ойуурга уот туруутугар буруйдааҕа быһаарыллыбыта.

Административнай эппиэтинэскэ 21 киһи тардылынна, ол иһигэр 11 киһи уопсайа 105 тыһ солк ыстырааптанна, атыттар сэрэтиини ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА