Ойуур уотун 11 улууска умуруораллар

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн 43 ойуур баһаара умайара бэлиэтэммит. Уоту 11 улууска умулуннаралларын туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников киэһээҥҥи иһитиннэриитигэр эппит.


Ааспыт сууккаҕа 44 тыһ иэннээх сиргэ аҕыс ойуур баһаара умуруоруллубут. 736 тыһыынча гектарга сэттэ уот бохсуллубут.

Билигин 22 уоту умулуннараллар. Баһаарга 1503 киһи, 219 тиэхиникэ, 10 авиатиэхиникэ үлэлиир.

Уопсайа 282 туонна уу ыһыллыбыт. 128 киһи уот баар сиригэр көһөрүллүбүт. Билигин 11 оройуоҥҥа баһаары умулуннарыы үлэтэ ыытыллар. Нэһилиэккэ, экэниэмикэ эбийиэктэригэр уот суоһаабат.

This post was published on 24.08.2021 11:02 11:02