Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов социальнай ситимнэргэ кэпсээбитинэн, ойуур баһаарыттан хаһаайыстыбаларыгар хоромньу көрсүбүт аграрийдарга анаан бырабыыталыстыба саппаас пуондуттан 10 мөл солк көрүлүннэ. Тустаахтар көмөнү алтынньы бүтүөр диэри тутуохтаахтар, СИА суруйар.
Александр Атласов эппитинэн, быйылгы ойуур баһаардарынан сибээстээн, отунан хааччыллыыга ыарахаттар үөскээтилэр. Уоттан 2352 туонна бэлэмнэниллибит от күдэҥҥэ көттө. Онон бырабыыталыстыба хоромньулаах хаһаайыстыбаларга көмө оҥорор.
Миниистир иһитиннэрбитинэн, муниципалитеттар ойуур баһаара оту былдьаабытын туоһулуур докумуону оҥорон киллэрдилэр.
«Хоромньу уопсай иэнин суоттааһын түмүктэнэр. Салгыы көмө үбү тыырыыны бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыагар киллэриллэр. Өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын суотугар 10-тан тахса мөл солк бу сыалга уурулунна. Алтынньы бүтүөр диэри тустаахтарга харчылара тириэрдиллиэҕэ», — диэтэ миниистир.