ОДЬКХ өҥөтүн иһин төлөбүрдэригэр иэстээх дьону өҥөнү тириэрдииттэн араарыыга уонна төлөбүрү уһатыыга ыстырааптары сүктэриигэ РФ бырабыыталыстыбата сыл бүтүөр диэри мораторий биллэрдэ. Бу туһунан премьер-министр Михаил Мишустин коронавируһу кытта охсуһууга мунньах кэмигэр эттэ диэн, ТАСС-ка сигэнэн СИА суруйар.
«Дойду бары олохтооҕор, кини дохуотуттан тутулуга суох, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрү кэмигэр оҥорботохторго, уһаппыттарга ыстыраатыыр санкциялары киллэриигэ мораторий биллэрэбит. Гаас, электроуот, ититии, уу, канализация, бөҕү тиэйии-таһыы киирсэллэр. Иэс иһин өҥөнү оҥорууттан араарыы суох буолуоҕа«, — диэтэ Мишустин. Маны сэргэ капитальнай өрөмүөн уонна дьиэ иһин төлөбүрдэргэ эмиэ пеня ааҕыллыбат.
Премьер эппитинэн, «маннык чэпчэтиилээх түһүмэх уураах баттаммыт күнүттэн саҕалаан, 2021 ыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри салҕаныаҕа».
Кини бэлиэтээбитинэн, коронавирус дьоҥҥо улаханнык дьайда, кумааһынньыктарыгар тиийэ, онон бырабыыталыстыба бу маны сааһылыыра ирдэнэр. Бастатан туран, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ бу олус сыһыаннаах. «Мин бигэргэппит уураахпар олоҕуран, дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥөҕө көрүллэр субсидия көрүллүүтүгэр быраабылалар уларытылыннылар. Билигин 2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри субсидияны тириэрдии туох да эбии бигэргэтиитэ суох уһаан биэриэҕэ«, — диэтэ Мишустин.