Шадрин эппитинэн, ыам ыйын 16 күнүгэр исписэлиистэр өссө биир зондировщигы бэлэмнииллэр — «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ан-26 «Атмосфера» сөмөлүөтэ.
«Былаан оҥордубут. Үлэни сүрүннээн киин улуустарга, илин эҥэргэ, Бүлүү бөлөххө саҕалыахпыт. Хоту эмиэ тиийиэхпит, балаһыанньаттан көрөн», — диэтэ салайааччы.
Сөмөлүөт-зондировщиктар Саха сиригэр 2022 сылтан үлэлииллэр.
Сиһилии манна ааҕыҥ.