22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оҕо көмүскэлэ: Өрөспүүбүлүкэ дьахталларын хамсааһынын Сойууһа уонна "Инники көлүөнэ" фонд бииргэ үлэлиэхтэрэ

17:34, 03 июня 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ, бэс ыйын 2 күнүгэр, Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүнэн, Саха Республикатын Дьахталларын хамсааһынын Сойууһа бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтин мунньахтыыр саалатыгар “Саха Республикатыгар оҕоҕо куттал суох буолуутун хааччыйыы” диэн улахан төгүрүк остуолу тэрийэн ыытта. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 60-ча киһи кытынна.


Кэнники сылларга, төрөппүт дьалаҕайыттан, оҕо көрүүтэ суох хаалыытыттан оҕо ууга-уокка былдьаныыта, суол саахалыгар түбэһиитэ элбээбитинэн, ити эйгэҕэ сыһыаннаах үгүс тэрилтэлэр салайааччылара, аналлаах исписэлиистэр, элбэх оҕолоох ийэлэр, куорат уокуруктарыттан дьахталлар түмсүүлэриттэн бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар.

СР Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах Анна Соловьева кэнники сылларга инбэлиит оҕо ахсаана элбии турарыттан дьиксинэрин эттэ. Оҕо эйэлээх-иллээх дьиэ кэргэҥҥэ улаатарыгар, төрөппүт улахан эппиэтинэһи сүгэрин толору өйдүөхтээҕин, баһаартан, сайыҥҥы сөтүө кэмигэр оҕо сүрүн болҕомтоҕо ылыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Ол инниттэн кэнчээри кэскиллэрбит — оҕолорбут эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар аналлаах былаһааккалары, анал сөтүөлүүр миэстэлэри арыйыы олус наадалааҕын ыйан эттэ. Олохторугар араас охсууну ылбыт оҕолору чөлүгэр түһэриигэ, уйулҕа-терапевтическэй киин арыллара тыын боппуруоһунан буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ону таһынан, улуустарга, улуус баһылыга бэрэссэдээтэллээх оҕо көмүскэллээх буолуутун хааччыйар хамыыһыйа тэриллэн үлэлиирэ буоллар диэн баҕатын биллэрдэ.

Республикаҕа арыгыны утары улахан үлэни ыытар Матвей Лыткин дакылаата эмиэ мустубут дьон болҕомтотун тарта. Ол курдук, оҕо үчүгэй киһи буолан тахсыыта, дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын эттэ. Өскөтүн ыалга төрөппүт арыгыны амсайар буоллаҕына, бу оҕоҕо проблема номнуо баара биллэринэн, оскуола, учуутал, социальнай педагог өттүттэн болҕомто күүһүрүөхтээҕин этэн туран, статистика чахчыларын көрдөрдө. Оскуолаҕа, арыгы куһаҕанын туһунан лекцияны элбэхтик ааҕыахха, уруок быһыытынан да киллэриэххэ сөбүн тоһоҕолоон эттэ.

Буолаары турар “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии кэмигэр уонна сайыҥҥы кэмҥэ үгүс оҕо волонтердуурун этэн туран, ити боппуруоска элбэх этии киирдэ. «Өҥүрүк куйааска оҕолорбутун пиибэ бытыылкатын, табах тобоҕун хомуйтарарбыт төһө сөптөөҕүй диэн?» диэн ыйытыыга мустубут дьон санааларын эттилэр. Элбэх киһи ити бырайыак табыгаһа суоҕун ыйда.

Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр улахан кылаас оҕолорун үлэлэтэн, оҕо олох киэҥ аартыгар бэлэмнээх киһи буолан тахсыытыгар ити эмиэ көмөлөөх буолуоҕун эттилэр.

Көрсүһүү түмүгүнэн, Саха Республикатын Дьахталларын хамсааһынын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева уонна «Инники көлүөнэ» Фонд генеральнай директора Сергей Местников бииргэ үлэлэһии дуогабарыгар илии баттастылар. Төгүрүк остуол кыттыылаахтара, киирбит этиилэри анал бырагыраама, бырайыак быһыытынан олоххо киллэрэн, чөл туруктаах, чэгиэн доруобуйалаах ыччаты, оҕо-аймаҕы иитэн таһаарарга, бииргэ түмсэн үлэлииргэ бэлэмнэрин эттилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА