Саха сиригэр 12 выпускник нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэни 100 баалга суруйда. Үөрэх миниистирэ Ирина Любимова эппитинэн, бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, биэс киһинэн элбэх.
Миниистир «бу учуутал, үөрэнээччи уонна төрөппүт бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэ буолар» диэтэ.
Үрдүк баалы Амма улууһун Покровка нэһилиэгин Майскайдааҕы орто оскуола, Кэбээйи улууһун Мастаах орто оскуолатын, Сунтаардааҕы политехническай лицей-интернатын, Мииринэй № 23 орто оскуолатын, Нерюнгри № 2 гимназиятын, №24 информационнай-технологическай лицейын уонна № 1 гимназиятын, куорат лицейын уонна Дьокуускай № 23 орто оскуолатын, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат, Арктика норуоттар ардыларынааҕы оскуола выпускниктара ыллылар.