Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков 2017 сыл ахсынньы 19 күнүгэр 1 гс-4610 №-дээх суругунан судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, Саха сиригэр алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай промышленноһы төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Ньургун Семенович Тимофеев аатын алмааска иҥэрэр туһунан «АЛРОСА» хампаанньа салалтатыгар туруорсубута.
2018 сыл тохсунньу 12 күнүгэр “АЛРОСА” президенин эбээһинэһин толорооччу Игорь Соболев илии баттааһыннаах бирикээһэ таҕыста. Ол онно ыйыллыбытынан, Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээт 8 №-дээх фабрикатыгар «Юбилейнай» трубкаттан 2017 сыл ахсынньы 14 күнүгэр көстүбүт 91,76 карат ыйааһыннаах бөдөҥ алмааска Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин III ыҥырыытын Бэрэссэдээтэлэ Ньургун Тимофеев аата иҥэрилиннэ.