2015 сылтан Ньурба улууһугар от ыйын оройугар «Бүлүү өрүс күнүн» бэлиэтииллэр.
Айылҕа маанылаах көстүүтүн быйылгы бырааһынньыгын үөрүүлээх миитининэн, экологическай субуотунньугунан көрүстүлэр. Өрүс кытыла, аппалара бөхтөн-сыыстан ыраастаннылар. Көхтөөх кыттыыны бары тэрилтэлэр уонна түөлбэлэр ыллылар. Бу туһунан «Ньурба оройуона» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Субуотунньук кыттыылаахтара Антоновка сэлиэнньэтиттэн саҕалаан, Ыраах Убайаан микрооройуонугар диэри өрүс кытылын кыйа ыраастаатылар. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Юрий Николаев этэринэн, субуотунньукка 500-чэ киһи уонна 20-чэ араас уйуктаах техника тахсыбыт. «Хомуллубут 100 тонна кэриҥэ бөх, быраҕыллыбыт тимир утары тиэйилиннэ», — диир кини.
«Бүлүү өрүс күнүгэр» Октябрьскай, Күндээдэ нэһилиэктэрэ, Ньурба куорат түөлбэлэрэ уонна 34 тэрилтэ кытынна. Итиэннэ Бүлүү салаата Марха өрүс кытылыгар турар 8 нэһилиэк олохтоохторо ыраастаныыга таҕыстылар.