Саха сиригэр дьыссаат-дьааһыла тутуутун тэтимирдэллэр. Сотору кэминэн саҥа эбийиэктэр Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар баар буолуохтара. Оҕо тэрилтэлэригэр наадыйыы туһунан «Быһа кэпсэтии» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина кэпсээтэ.
Владимир Путин федеральнай мунньахха ыҥырыытыгар дьааһыла бөлөхтөрө аҕыйахтарын туһунан этиитэ Саха сирин таарыйбат. Ольга Балабкина эппитинэн, бу боппуруос Ил Дархан хонтуруолугар тутуллар. Аҥардас Чурапчы оройуонугар 2019 сыллаахха үс дьыссаат арылынна. Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 23 оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор саҥа тутуллубут тэрилтэлэрэ үлэҕэ киллэрилиннэ.
«Тоҕо дьаааһылаҕа болҕомто уурулунна? Ийэ үлэтигэр эрдэ тахсыан эбэтэр өссө оҕолонорун былаанныан сөп. Ол иһин бу тэрилтэлэргэ наадыйыы баар», — диэн эбэн эттэ кини.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы эппитинэн, 2020 сылга уонча дьааһыла-дьыссаат тутуллуохтаах. Олортон бастакынан Сунтаар уонна Ньурба улуустарыгар.