Ньурба улууһугар санитарнай ыраастааһыҥҥа уонна нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга биллэриллибит икки ыйга ыам ыйын 31 к. көрдөрүүнэн улууска барыта 201 субуотунньук тэрилиннэ. Манна 3737 киһи кытына, 59 техника туһанылынна. Уопсайа улуус үрдүнэн 3518 кубометр бөх хомуллунна.
“Ньурба к.” МТ 94 субуотунньукка 1600 киһи, 12 техника кытынна, 319 кубометр бөх хомулунна; “Октябрьскай нэһилиэк” МТ 5 субуотунньукка 178 киһи, 4 техника, 622 кубометр бөх; “Бордоҥ нэһилиэгэ” МТ 12 субуотунньукка 270 киһи, 1 техника, 400 кубометр бөх; “Күндээдэ нэһилиэгэ” МТ 8 субуотунньукка 240 киһи, 2 техника, 175 кубометр бөх; “Ньурбачаан нэһилиэгэ” МТ 2 субуотунньукка 60 киһи, 2 техника, 3 кубометр бөх; “Сүлэ нэһилиэгэ” МТ 7 субуотунньукка 112 киһи, 3 техника, 28 кубометр бөх; “Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ 4 субуотунньукка 58 киһи, 4 техника, 200 кубометр бөх; “Чаппанда нэһилиэгэ” МТ 3 субуотунньукка 66 киһи, 2 техника, 136 кубометр бөх; “Дьаархан нэһилиэгэ” МТ 5 субуотунньукка 81 киһи, 3 техника, 72 кубометр бөх; “Түмүк нэһилиэгэ” МТ 5 субуотунньукка 58 киһи, 1 техника, 350 кубометр бөх; “Хаҥалас нэһилиэгэ” МТ 4 субуотунньукка 98 киһи, 4 техника, 7 кубометр бөх; “Үөдэй нэһилиэгэ” МТ 6 субуотунньукка 73 киһи, 2 техника, 200 кубометр бөх; “Мэҥэдьэк нэһилиэгэ” МТ 10 субуотунньукка 95 киһи, 2 техника, 150 кубометр бөх; “Малдьаҕар нэһилиэгэ” МТ 11 субуотунньукка 62 киһи, 2 техника, 101 кубометр бөх; “Чуукаар нэһилиэгэ” МТ 18 субуотунньукка 403 киһи, 8 техника, 500 кубометр бөх; “Марха нэһилиэгэ” МТ 4 субуотунньукка 222 киһи, 11 техника, 20 кубометр бөх; “Хорула нэһилиэгэ” МТ 3 субуотунньукка 61 киһи кыттыбыт. Акана уонна Таркаайы нэһилиэктэрэ ыраастаныы субуоккатын биэрбэтэхтэр.
Дьон кыттыытынан уонна хомуллубут бөх кээмэйинэн чуукаардар, антоновкалар уонна маалыкайдар бастыҥнар. Кыра нэһилиэктэргэ үөдэйдэр, малдьаҕардар холобур буолуохтарын сєп. Оттон ньурбачааннар уонна хаҥаластар нэһилиэнньэлэрэ ордук чэнчис буолан дуу, дьон төһө да көхтөөхтүк субуотунньукка тахсыбытын, элбэх техника туһаныллыбытын үрдүнэн, бөхтөрө отой аҕыйах эбит.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, бу кэмҥэ 70 мас, 74 кустарник олордулунна, 35 клумба оҥоһулунна.