Ускуустуба үлэһиттэрэ саха тылын биэс төрүт дорҕооно сүтэр кутталлааҕыттан долгуйууларын айар үлэлэригэр дьүһүйэн көрдөрөллөрө саҥа көрүҥнэргэ салҕанар. Ол курдук, саха тылын билиҥҥи туругун, дьылҕатын туһунан кэпсиир “ҺӨҔҮҤ” диэн испэктээк сэтинньи 4 күнүгэр Ньурба драматическай көс тыйаатырын сыанатыгар турда.
Драма сүрүн режиссера – Алгыс Макаров-Сиэн Мөрөс, худуоһунньук – Дарья Тартакынова, тыйаатыр уус-уран салайааччыта – СӨ ускуустубаларын үтүөлээх үлэһитэ Юрий Макаров.
Бу испэктээк айыллыыта уратылаах: Айыы кыһатын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина оскуолатын түмүктүүр айар бырайыагын быһыытынан суруйбут эбит. Кыысчаан этэринэн, кини бу тиэмэни сэҥээриитэ “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ кыттыһан ыыппыт “ҺӨҔҮҤ” тэрээһиннэриттэн саҕыллыбыт. Санатар буоллахха, саха төрүт дорҕоонноругар анаан бибилэтиэкэ тиэргэнигэр ҺӨҔҮҤ диэн арт-эбийиэк турбута, “Туундара” анимационнай устуудьуйа видеоарт оҥорбута, “ҺӨҔҮҤ: саха тыла худуоһунньук хараҕынан” куонкурус-быыстапка тэриллибитэ, “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” буктрейлер күрэҕэ ыытыллыбыта.
«ҺӨҔҮҤ» мин бастакы пьесам буолар. Аныгы кэм — сыыппара үйэтэ. Билигин социальнай ситим түргэнник сайдан, ол содулугар төрөөбүт тылбыт сүтэр кутталланна. Дьон үксэ төрөөбүт тылбытынан суруйбат, саҥарбат, сахалыы дорҕооннору туттубат буолан эрэр. Онон, “хайа баҕар омук сайдар кэскилэ — төрөөбүт тыла” диэн санаанан салайтаран бу тиэмэни сайыннардым», — диир пьеса ааптара Анжелина Ильина.
Бу испэктээк билиҥҥи кэмҥэ олус суолталааҕынан, жанрын аныгы драма диэн быһаарыахха сөп. Ол курдук, артыыстар манна ыллыыр уонна үҥкүүлүүр эрэ буолбатахтар, кинилэр өссө чат ситимигэр суруйсаллар.
Сахалыы дорҕооннорбутун бэлиэтиир буукубаларбыт дьылҕаларынан сэдиптээн, ситиһии, сайдыыга дьулуһуу уонна атын сиргэ көһөн барыы курдук сытыы боппуруостар бу сонун испэктээккэ көтөҕүлүннүлэр. Онтон сиэттэрэн, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, киһи бэйэтин миэстэтин, аналын, тус суолун булунуутун туһунан санаалар этилиннилэр, сахалыы алпаабыты төрүттээбит Сэмэн Ноҕуруодап ахтылынна.
Буукуба сыыппара эйгэтиниин, илэ чахчы олохпут көстүбэт сүдү күүстээх куйаар ситиминиин алтыһыыларын анаарар испэктээк көрөөччү болҕомтотун тарта, элбэх толкуйу үөскэттэ.
Онтон, көрөөччү санаатын социальнай ситиминэн биллэрдэ: “Сахалыы суруйуохпун миэнэ эмиэ солбук буукубалар…
Олус табыллыбыт спектакль, чахчы сохтум: хайдах ити теманы кэпсиир эбитэ буолла диэн коро барбытым…Саҕаланыаҕыттан бутуор диэри биир тыынынан со5о коруу”.