Ньурба улууһугар бырабыыталыстыба отчуота саҕаланыан эрэ иннинэ Дьаархаҥҥа “Саһарҕа” ХЭУо хотоно сууллубута, онтон түмүктэнээтин кытта аны Өҥөлдьөҕө “Өлөҥнөөх” бааһынай хаһаайыстыба хотоно эмиэ үрдэ күр гына түстэ. Онон биир улууска аҕыйах хонугунан быысаһан, тыа хаһаайыстыбатыгар икки быһылаан таҕыста.
“Ачаа саһаанын” санатар хотоннорго иккиэннэригэр биир даҕаны киһи-сүөһү былдьамматаҕыттан, оһолломмотоҕуттан киһи үөрэр эрэ.
Иллэрээ күн Алдаҥҥа дьиэ үрдүн хаара сууллан, киһи баттатан өллө дии. Ньурба, Сунтаар эҥээригэр эмиэ хаар быйыл көбүччү түспүт эрээри, барытын айылҕаҕа күтүрүүр аньыыта бэрт ини. Ньурба иккис быһылаана бэҕэһээ, олунньу 12 күнүгэр, киэһэ 6 чаас саҕана таҕыста. Эмиэ 100 ынах сүөһү хотон турарыгар анаан чэпчэки ыстаал тимиринэн дьардьамалаан тутуллубут эбийиэк…
Хаһаайына кимий? Ньурбаҕа отчуокка сылдьыһар кэммэр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Егор Ивановтуун кэпсэтэрбэр бастыҥ бааһынай хаһаайыстыбаларга биир бастакынан Өҥөлдьөҕө баар 100-тэн тахса ынах сүөһүлээх “Өлөҥнөөҕү” ааттаабыта. Хаһаайыстыба баһылыга Мария Дмитриевна Васильева 2014 сыллаахха “Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн сүөһү иитэр фермаларын сайыннарыы” федеральнай тус сыаллаах бырагыраамаҕа кыттан, грант ылбыт. Ол үбүгэр бэйэтин күүһүнэн 2016 сыллаахха 100 төбөҕө саҥа хотон туттан киллэрбит. Быйыл онно 113 ынах сүөһү, ол иһигэр 40 ыанньык, кыстаан турбут.
Саахал кэнниттэн нэһилиэк уонна хаһаайыстыба салалталара сүөһүнү атын бааһынай-кэтэх хаһаайыстыбалар хотонноругар батарар түбүгэр сылдьаллар үһү. Хата, халлаан сылыйан биэрдэ. Үөһэ ыйыллыбыт бырагырааманан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 2012-2017 сылларга 23 улууска 175 бааһынай хаһаайыстыба 155 (сорохтор саҥа саҕалаан, тутта сылдьаллар) хотону үлэҕэ киллэрдэ. Ол тухары бу Өҥөлдьөҕө хотон сууллуута – маҥнайгы түбэлтэ. Туох кистэлэ кэлиэй, граннаах хаһаайыстыбаларга биир ирдэниллэр бырайыак суоҕа охсор: ким хайдах кыахтааҕынан, үбэ-харчыта, өйө-санаата төһө тиийэринэн тутта сатыыр. Мария Васильева хотоно тэпилииссэ курдук поликарбонаттан тутуллубут диэн истибитим. Хотон каркаһа, эппитим курдук, ЛСТК диэн технология. Сэрэйдэххэ, ыстаала чараас, сымнаҕас итиэннэ буолтанан туттарар оннугар саморезтарынан эриллибит буолан, хаары уйбатах буолуохтаах. Дьаархан хаһаайыстыбата атыыласпыт сириттэн ылбыт тимирдэрэ буоллаҕына, соһуйуом суоҕа…
Министиэристибэттэн уонна улуустан тэриллибит холбоһуктаах хамыыһыйа быһылаан төрдүн-төрүөтүн быһаардаҕына биирдэ бүтэһиктээх чуолкай иһитиннэриини биэриэхпит.
PS: Бу сарсыарда департамент салайааччыта Егор Иванов Өҥөлдьөҕө «Өлөҥнөөх»бааһынай хаһаайыстыбаҕа тиийэ сылдьар. Егор Егорович иһитиннэрэринэн, сүөһүлэри хаһаайыстыба эргэ хотонугар киллэрбиттэр. Хотон үрдэ, кырдьык, поликарбонатынан бүрүллүбүт эбит. Ол эрээри, саахал тахсыбытыгар каркаһа «буруйдаах»: эмиэ Дьаархаҥҥа курдук, тимирэ сымнаҕас, чараас буолан, сиһэ хаары уйбакка, өҕүллэн түспүт. Бу кини түһэрбит хаартыскаларын көрөҕүт.