22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурбаҕа уу суола аһыллыаҕа

15:02, 24 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба улууһугар навигация ыам ыйын 25 күнүгэр саҕаланаары турар. Ол туһунан биһиэхэ «Вилюй» Судоходнай хампаанньа» ХЭУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Андрей Тарасов иһитиннэрдэ.


Тустаах салайааччы уу суола быйыл төһө кэмҥэ аһаҕас буолуоҕун билгэлиир кыаллыбатын туһунан этэр. Билиҥҥи туругунан уу таһыма былырыыҥҥытааҕар 3 миэтэрэнэн намыһах.

«Вилюй» СК транспортнай пааркатыгар 5 буксирдаах теплоход, 2 устар кыраан уонна 1 «Заря» теплоход бааллар. Кэлэктиипкэ барыта 47 киһи үлэлиир. Теплоходтарга уопуттаах капитаннар Семенов Сергей Михайлович, Мальцев Георгий Николаевич, Рыжов Виктор Павлович уо.д.а. үлэлииллэр. Эдэр дьон үлэлии кэлэллэр эрээри, рулевой мотористар, матростар куурустарыгар үөрэниэн баҕалаахтар суохтарын кэриэтэ.

Ыам ыйын 25 күнүгэр, навигация саҕаланаатын кытары, Мирнэй улууһун Светлэй бөһүөлэгэр бастакы рейсы былаанныыллар. «Буксирдаах теплоход 415 тонна техническэй курууһу Накыын вахтовай бөһүөлэгэр тиэрдэр сыаллаах айанныаҕа. Атын түөрт буксир Мохсоҕоллоохтон, Дьокуускайтан шлакоблоктары уонна атын таһаҕаһы аҕалыахтара. Тутуу матырыйаалларын тиэйиигэ-таһыыга дуогабардар өссө түһэрсиллэллэрэ күүтүллэр. Оттон чоҕу Ленскэй пароходство бэйэтэ таһар», — диэн кэпсээтэ СИА-ҕа Андрей Тарасов.

Билигин «Ньурба-Маалыкай» хайысханан пассажирдары таһыы боппуруоһа быһаарыллыахтаах. Судоходнай хампаанньа бас билиитигэр баар соҕотох «Заря» теплоход сырыытын олохтуур туһунан боппуруоһу тэрилтэ кэлэр нэдиэлэҕэ көрүөхтээх. Дьону таһыы рентабельнайа суоҕунан, баҕар, олох да тохтотуохтарын эмиэ сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА