22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурбаҕа сыл ахсын 130 саҥа дьиэ тутуллар

18:01, 27 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба улууһугар кэтэх дьиэ туттааччылары өйүүр, кинилэргэ көмөлөһөр сыаллаах «СӨ 2012-2019 сылларга хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы» ИЖС бырагырааматынан 15 мөл. солк. харчы көрүллүбүт.


Ньурба улууһугар бырагыраамаҕа сөп түбэһиннэрэн, 6 ый түмүгүнэн 2568 кв.м. дьиэ тутуллан, 28 ыал саҥа дьиэлэннэ. Кинилэртэн 14 киһи дьиэ туттарыгар харчытын ылан туһаммыт.

Ньурбатааҕы инвестиционнай тутуу управлениета иһитиннэрэринэн, улууска 1 кв.м. сыаната 25 900 солк. бигэргэммит. Дьиэ туттааччы хааччыллыыта суох дьиэни 256600-839790 солк, онтон толору хааччыллыылааҕы 325030-1026400 солк. иэс ылан туттуон соп. «Маныаха дьиэ-кэргэн ахсаана улахан оруолу ылар. Быйыл ордук хото бу бырагырааманан нэһилиэк олохтоохторо туһаннылар. Кинилэртэн түөрт ыал толору хааччыллыылаах дьиэни тутунна», — диэн улуус баһылыга Борис Попов эттэ.

Улуус үрдүнэн 2016 сылга барыта 10 500 кв.м. дьиэ тутуллан үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Онон Ньурбаҕа эбии 130 ыал тупсаҕай көстүүлээх саҥа дьиэлэниэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА