23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ньурбаҕа 667 оҕо оптуобуска 5-тии солк төлөөн айанныа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурбаҕа олорор элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оптуобуһунан 5 солкуобайга айанныыр буоллулар. Улуус баһылыгын атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, оройуонтан 4999 солк. көрүллүбүтэ, улуус Сүбэтин сиэссийэтинэн бигэргэтиллибитэ. 


Ньурбатааҕы АТП-га дьону таһыыга тарыып бэлиитикэтин сүрүннээһиҥҥэ харчы көрүллэн, билигин үлэ саҕаланна.

Бу күннэргэ транспортка айанныырга каарта боппуруоһа быһаарыллан, алтынньыттан Ньурбаҕа олорор элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оптуобуска 5 солк айанныахтара. Бигэргэммит маршрутунан Антоновка — Ньурба — Ыраах Убайаан буолар.

«Алмаасэргиэнбаан» Ньурбатааҕы эбии офиһын салайааччыта Изабелла Георгиевна Гуляева:

— 667 оҕо оптуобуска айанныырыгар каарталар оҥоһулланнар, оскуолаларынан тарҕатылынна. Хас биирдии оҕо тус хаартыската, аата-суола суруллубут каарталарын илиилэригэр тутаннар, алтынньы ыйтан туһанан бардылар. Оптуобуска киирэн суоппарга каарталарын көрдөрөллөр. Каарта сыаната 100 солкуобай. Оҕолор күҥҥэ түөртэ айанныылларыгар туһаналлар, барыта 96-та айанныахтаахтар, 97-рин айанныыр буоллахтарына, оптуобус билиэтин сыанатынан 25 солкуобайы төлүүллэр.

Ааптар: Антонина СЕМЕНОВА, Ньурба улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА