Чурапчыга саха тылын учуутала Сардаана Гоголева Москубаҕа Төрүт тыллар учууталларын сийиэһигэр кытта сылдьар. Кини бастакы күн сийиэс дэлэгээттэрин тылларын-өстөрүн иһиттэ, кинилэри кытта билистэ. Уопсастыбанньык Ньукулай Халан кинини кытта кэпсэттэ. «Бүтүн Арассыыйаттан киһи бөҕө, төрөөбүт тыл учууталлара мустубут улахан тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн кыттар учуутал Башкортостааҥҥа төрөөбүт тылларыгар сыһыаннарын кэпсээтэ», — диэн СИА-ҕа суруйда.
Башкортостааҥҥа «Ресурсный центр развития национального образования» диэн баар. 2007 сылтан саҕалаан сылын аайы 25 башкир тылын учууталыгар 50-нуу тыһ солк грант аныыллар, үлэлэригэр туһаналларын курдук. Ити эрээри грант курдук отчуота суох, онон үчгэйдик үлэлиир учууталлары өйүүр харчынан бириэмийэҕэ майгынныыр. Харчыны учуутал портфолиотын көрөн аныыллар. Быйыл бу грант кээмэйин үрдэтэр былааннаахтар.
Бу киин федерация таһымыгар күрэстэргэ кыттар учууталлары эмиэ бэлэмниир. Холобур, быйыл Ишдавлетов Мирас диэн эдэр уолу «Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала» күрэскэ бэлэмнээн ыыппыттар (хаартыскаҕа). Сэрэйдэххэ, киин мантан да атын киэҥ хабааннаах үлэни ыытар буолуохтаах.
Татаардар төрүт тыл эксээмэнэ биир кэлим эксээмэн ахсааныгар киирэригэр үлэлэһэбит диэн кэпсээбиттэр, ол туһуттан сокуону уларытар инициативалары көтөҕөллөрүн эппиттэр. Маны таһынан төрөөбүт тылга кэлим эксээмэн түмүгүн үрдүк үөрэх кыһалара федерация үрдүнэн билинэн, үөрэххэ туттарсааччыларга эбии баал көрөллөрүн туруорсаллар эбит.
Чэчиэн өрөспүүбүлүкэтигэр Чэчиэн тылын института диэн аҕыс киһилээх институт арыйан үлэлииллэрин кэпсээбиттэр. Бу институттар эбии 0,5 ставкаҕа программиһы, психологу, мэтэдииһи уонна чэчиэн тылын учууталын үлэҕэ ылан, “Чеченская электронная онлайн-школа” диэни тэрийбиттэр. Бу оскуола сэмсэ (төлөпүөн сыһыарыыта) уонна саайт нөҥүө үлэлииллэр. Онно төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ уруоктарын уга сылдьабыт диэн эппиттэр.
Сийиэс бэҕэһээ ахсынньы 14 күнүгэр саҕаламмыта. Бүгүн иккис, түмүктүүр күнэ. Интэриниэккэ суруйалларынан, мунньахха 280-тан тахса дэлэгээт тиийэн үлэлии сылдьар. Сардаана этэринэн саамай элбэх киһилээх дэлэгээссийэ Карачаай-Чэркиэс өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлбит, ону таһынан Татарстаантан, Башкортостаантан элбэхтэр, оттон Адыгеяттан, Комиттан, Калмыкияттан 3-4 киһилээх дэлэгээссийэлэр бааллар эбит.
Саха сириттэн бастакы күҥҥэ биһиги Ил Түмэммит үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэстээтэлэ Феодосия Габышева тыл эппит, сүнньүнэн аҕыйах ахсааннаах омуктар үөрэхтэрин туһунан кэпсээбит. Ону таһынан Саха сириттэн төрүттээх Феня Леханова сийиэс үлэтигэр кыттара биллэр.
Сардаанабытыгар сийиэскэ ситиһиилээх үлэни, биир идэлээх дьонун кытта элбэх сэргэх билсиилэри баҕарыаҕыҥ.
Сийиэс бүгүҥҥү мунньахтарын бу сигэлэринэн киирэн көрүөххэ-истиэххэ сөп:
https://vk.com/video-207896679_456239176 ПЛЕНАРНОЕ ЗАСЕДАНИЕ
https://vk.com/video-207896679_456239177 СТРАТЕГИЧЕСКАЯ СЕССИЯ «Родные языки: состояние и перспективы развития»
https://vk.com/video-207896679_456239178 Тематическая площадка 1. Развитие нормативно-правовой базы в сфере образования в части изучения родных языков
https://vk.com/video-207896679_456239179 Тематическая площадка 2. Сохранение и развитие языков коренных малочисленных народов Российской Федерации
https://vk.com/video-207896679_456239180 Тематическая площадка 3. Развитие поликультурного образования
https://vk.com/video-207896679_456239181 Тематическая площадка 4. Развитие системы подготовки и повышения квалификации учителей родного языка и родной литературы
https://vk.com/video-207896679_456239182 Мастер-класс 1. Изучение родных языков в условиях реализации обновленного содержания образования
https://vk.com/video-207896679_456239183 Мастер-класс 2. Аксиологическая лингвометодика: воспитание средствами родного языка
https://vk.com/video-207896679_456239184 Мастер-класс 3. Инновационные практики преподавания родных языков
https://vk.com/video-207896679_456239185 Мастер-класс 4. «Урок будущего»: молодые преподаватели о родном языке и родной культуре
https://vk.com/video-207896679_456239186 Сийиэс сабыллыыта.