Дьокуускай куоракка Арктика уонна хотугу оройуоттар төрүт олохтоохторугар анаан икки күннээх семинар буолар. Манна тас дойдулартан ыалдьыттар кытталлар. Кинилэр бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар табаны иитиигэ, балыктааһыҥҥа бизнескэ уопуттарыттан кэпсииллэр, диэн иһитиннэрэр СИА.
«Арктика технологическай сайдыытын туһунан кэпсэтэбит. Биһиги бу хайысханы саҥа таһымҥа таһаарыахтаахпыт. Үгэс буолбут хаһаайыстыбабытыгар төрүт олохтоох норуоттар билиибитин, култуурабытын илдьэ хаалыахтаахпыт», — диэн СИА-ҕа Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Михаил Погодаев эттэ.
Кини этэринэн, саҥа ньымалар наадалар, тоҕо диэтэххэ «баар систиэмэ аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттээбэт».
«Курстары предпринимательство уонна инновация эйгэтигэр бастыҥ экспердэр ыыталлар. Онон дьаһал ыччакка уонна исписэлиистэргэ бэйэлэрин үлэлэригэр саҥалыы көрүүлэри киллэрэллэригэр көмөлөһүөҕэ. Үгэс буолбут дьарыкпыт Арктика норуоттарын экономикатыгар сүрүн оруоллаах буолуоҕа», — диэтэ кини агентствоҕа.
Семинар «Северный форум» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Икки күн устата тас дойдулартан кэлбит экспердэр таба иитиитигэр, балыктааһыҥҥа бизнес сайдыытын уонна бу хайысхалар ырыынакка туруктарын кэпсиэхтэрэ.
Норвегиятааҕы Хотугу университет бизнес-оскуолатын профессора Бьорн Вилли Амо Норвегияттан таһаарыы аан дойдуга бигэ туруктаах уопутугар олоҕуран, Саха сириттэн импортанар бородууксуйа кэскиллээҕин бэлиэтээтэ.
«Биһиги бэйэ-бэйэбититтэн үөрэниэхтээхпит. Норвегияҕа саҥа технологияларга элбэх бириэмэни уонна күүһү аныыллар, клиент интэриэһин ордук үөһэ туталлар. Биһиги Саха сириттэн айылҕаны хайдах харыстыырга үөрэниэх тустаахпыт», — диэтэ кини.