22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Номоххо киирбит снайпербытыгар герой аата иҥэриллиэхтээх

16:51, 13 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үгүстэр, снайпер Иван Кульбертиновы үһү-тамах эрэ курдук истэн билэр буолуохтаахтарын сэрэйэбин. Кини олоҕун-дьаһаҕын кытта ыкса билсибит хайа баҕарар киһи хайдах күн бүгүнүгэр диэри Герой үрдүк аата иҥэриллэ илигиттэн соһуйуон-өмүрүөн сөп.


Кулун тутар 10 күнүгэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай приемнайыгар номоххо киирбит улахан сэрииһит Иван Кульбертиновка Россия Геройун аатын иҥэрии туһунан боппуруоска пресс-конференция ыытылынна. Пресс-конференцияны уопсастыбаннай приемнай салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева салайан ыытта.

Тэрээһиҥҥэ аатырбыт снайпербыт төрөппүт уола Иван Иванович Кульбертинов уонна кинини кытта алтыспыт ССРС Үрдүкү Сэбиэтин ХII, Саха АССР Х, ХI, Саха ССР ХII, Ил Түмэн I, II, III ыҥырыыларын дьокутаата Климент Егорович Иванов кыттыыны ылбыттара ордук интэриэһи тарта.

Кимтэн кииннээҕий?

Иван Кульбертинов 1917 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһугар Тээнэ өрүс биэрэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэлээх аҕата таба иитиитинэн уонна булдунан дьарыктаналлара. Уолчаан төрөөтүн кытта, сотору буолаат амарах аҕата Николай Романович күн сириттэн күрэммитэ. Уйбааннаах ыарыһах ийэлэрэ Анна Васильевналыын бэйэлэрэ эрэ хаалбыттара.

Тулаайах хаалбыт уолчаан кыайан үөрэммэтэҕэ. Ол оннугар кыра эрдэҕиттэн булка-аска, хара үлэҕэ сыстыбыта. Булт кистэлэҥнэригэр кинини убайа уһуйбута.


Иван Кульбертинов снайпер үс дуэлыгар кыайыылаах тахсыбыт. Ньиэмэс «астарын» сүүскэ түһэртэлээбит. Снайпердар дуэллара диэн кэлин үөскээбитэ. Ньиэмэс­тэр снайпердарын саалара биһиэннэригэр тэҥнээх буолуо дуо? Биһиги дьоммут сааларын оптическай тэриллэрэ 4 төгүл улаатыннарара. Оттон ньиэмэстэр киэннэрэ — 8 төгүл. 


Бэйэтэ тылланан

Кульбертиновтар дьиэ кэргэттэрэ төһө да киинтэн ыраах олордоллор, Аҕа дойду сэриитэ буолбут сураҕа кинилэргэ начаас тигинээн кэлбитэ. Оччолорго 24 саастаах Иван Кульбертинов призывной пууҥҥа тиийэн, «кыылы харахха ытабын, онон миигин сэриигэ ылыҥ, фашистары кыдыйсыам этэ» диэн тылламмыт.

Кини баҕа санаата туолбута. 1942 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр Уйбааны Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырбыттара. Байыаннай бэлэми Уралга ааспыта. Сытыы-хотуу, хорсун уолчааны разведчиктар отделениеларыгар анаабыттара.

Тииҥи харахха ытар уолчаан

Тииҥи харахха ытар, сытыы харахтаах, бэргэнник табар уолу 1943 сыллаахха олунньуга Старай Руссаҕа снайпер оҥорбуттара. Иван Кульбертинов Москва аннынааҕы сэриигэ кыттыыны ылбыта. Маны таһынан кини Орел, Курскай, Киев, Винница куораттары өстөөхтөн босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Новгород, Курскай уобаластар, Украина, Польша, Германия уонна Чехия сирдэригэр-уоттарыгар эмиэ сэриилэспитэ.

Иван Кульбертинов 1943 сылтан саҕалаан 1945 сылга диэри 487 фашиһы кыдыйбыта. Үгүс өттүлэрэ эпписиэрдэр этилэрэ. Кинилэр истэригэр өссө оберштурмбанфюрер (полковник) баара. Номоххо киирбит снайпербыт бэйэтэ кэпсииринэн, өлөрбүт ньиэмэһин ахсаана 500-кэ тиийбит эбит. Сорохторо болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалбыттар.

Кини уоттаах сэрии бара турдаҕына, 35 эдэр саллааты снайпер искусствотыгар үөрэппитэ, уһуйбута биллэр. Уйбаан эдэрдэргэ: «Кими да үтүктэ сатаамаҥ, бэйэҕит суолгутун-иискитин көрдөөҥ», — диэн өрүү сүбэлиирэ үһү.

Снайпер үс дуэлыгар — кыайыылаах

Иван Кульбертинов снайпер үс дуэлыгар кыайыылаах тахсыбыт. Ньиэмэс “астарын” сүүскэ түһэртэлээбит. Снайпердар дуэллара диэн кэлин үөскээбитэ. Ньиэмэс снайпердарын саалара биһиэннэригэр тэҥнээх буолуо дуо? Биһиги дьоммут сааларын оптическай тэриллэрэ 4 төгүл улаатыннарара. Оттон ньиэмэстэр киэннэрэ — 8 төгүл. Берлиҥҥэ чугаһаабыттарын кэннэ, фашистар «Осторожно, Кульберт!» диэн дьоннорун сэрэтэр биллэриилэри ыйаабыттарын көрбүттэр. Уйбаан Кульбертинов оннук, өстөөх саллар улахан сэрииһитэ этэ.

Кини эт-хаан өттүнэн олус сайдыылааҕа, күүстээҕэ үһү. Бэйэтиттэн төһө эмэ улахан саллааттары кытта туһуннаҕына, көрүөх бэтэрээ өттүгэр лаппаакыларыгар түһэртиирэ үһү.

Пресс-конференцияҕа Климент Иванов Иван Кульбертинов киһи быһыытынан олус сэмэйин, үчүгэйин, уоттаах сэрии туһунан олох ахтыбатын туһунан кэпсээтэ.


Берлиҥҥэ чугаһаабыттарын кэннэ, фашистар «Осторожно, Кульберт!» диэн дьоннорун сэрэтэр биллэриилэри ыйаабыттарын көрбүттэр. Уйбаан Кульбертинов оннук, өстөөх саллар улахан сэрииһитэ этэ.


«Сталин знамята» хаһыакка

1944 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр «Сталинское знамя» диэн хаһыакка Кульбертинов бастыҥ снайпер буоларын туһунан ыстатыйа таһаарбыттар. Уйбаан Кыһыл Знамя, Аҕа дойду сэриитин I, II истиэпэннээх, Албан аат III истиэпэннээх уордьаннарынан уонна үгүс ахсааннаах мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.

Кини чулуу снайпер буоларын өссө «Лучшему снайперу старшему сержанту Кульбертинову И.Н. от Военного Совета армии. Январь, 1945 г.» диэн суруктаах бинтиэпкэни бэлэх ууммуттара туоһулуур. Иван Кульбертиновка маршал Георгий Жуков бэстилиэт бэлэхтээбитэ диэн кэпсээн эмиэ баар.

Иван Николаевиһы икки төгүллээн Геройга түһэрэ сылдьыбыттар. Хомойуох иһин, ааспатах. Байыаннай эксперт Владимир Иванов оҥорбут дааннайынан Аҕа дойду Улуу сэриитин 11657 кыттыылааҕар Сэбиэскэй Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибит. Итинтэн 87-тэ снайпер. Кыдыйбыт өстөөхтөрүн ахсааннарынан ылан көрөр эбит буоллахха, Иван Кульбертинов алтыс миэстэҕэ сылдьара бэлиэтэнэр.

Уйбаан Кульбертинов уоттаах сэрииттэн төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар төннөн кэлэн баран кадровай булчутунан уонна табаһытынан үлэлээбитэ.

Биир эмиэ аатырбыт снайпербыт Федор Охлопков күн сириттэн күрэниэн эрэ иннинэ Өлүөхүмэҕэ тиийэн Иван Кульбертиновы кытта көрсүбүт, ытыктабылын биллэрбит.

Маннык номоххо киирбит снайпер, улахан сэрииһит Иван Кульбертиновка Россия Геройун үрдүк аата хайаан да иҥэриллиэхтээх. Пресс-конференцияҕа «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева: «Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр чулуу снайпербытыгар Иван Кульбертиновка Россия Геройун аатын иҥэриигэ, Саха сирин олохтоохторо, бары күүспүтүн холбоон үлэлэһиэҕиҥ, «История өйдөбүнньүгэ» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа актыыбынайдык кыттыаҕыҥ», — диэн эттэ. Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо улахан сэрииһиппитигэр, номоххо киирбит снайпербытыгар Герой аата иҥэриллэригэр күүс-көмө буолуоҕуҥ.

Источник: http://www.sakhaparliament.ru/sa/ostuoruja/uluu-kyayi-75-syla/317-nomokhkho-kiirbit-snajperbytygar-geroj-aata-i-erilliekhteekh

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА